аат. Уста кээмэйэ: киһи тарбаҕын атыччы баттаан ууннары туттаҕына, эрбэҕин төбөтүттэн сөмүйэтин төбөтүгэр диэри ырааҕа. ☉ Мера длины: пядь (расстояние между концами растянутых большого и указательного пальцев)
Куонаан биир сүөм кэтит хаарыс солко курунан хара билиис болтуону бобо курданан кэбиспит. Н. Неустроев
[Арҕаҕы] үрдүнэн тобуларга диэн буолла. Сүөм кэриҥэ сири охсубутум кэннэ көҥдөй буолла. Далан
«Атыннык, атыннык!» — диэн хаһыытыы түһээт, кинээс оронун таҥаһын муннуктан биир сүөм сыҕарытан биэрдэ, онтон эмиэ чугаһата аста. Л. Толстой (тылб.)
♦ Сүөм түс (намтаа) — туохтан эмэ улаханнык туоххаһый, санааҕын түһэр. ☉ Упасть духом, сильно огорчиться, расстроиться (букв. понизиться на пядь)
Олохтоохтортон аан аһааччы көстүбэтэ: бары эбэлэрин аһыйан, хомойон-курутуйан, сүөм түспүттэр. Күннүк Уурастыырап
Эмээхсин сүөм намтаан олордоҕуна уола бултаан кэлбит. А. Сыромятникова
Оттон баччааҥҥа диэри тугу да билбэтэх Нааста кыыс сүөм намтаан, кулук-халык буолла. С. Федотов
[Уһун Уйбаан] сирэйэ-хараҕа салбаҕыран, сүөм түһэн, моонньоох-баһын киритэн сир диэки умса көрөн олордо. «ХС». Сүөм үрдээ — санааҥ көтөҕүллэн улаханнык эрдийэн кэл. ☉ Воспрянуть духом (букв. повыситься на пядь)
Ити айылааҕы куттаан ыыппыт киһи, кини билигин бэйэтин хараҕар сүөм үрдээн кэллэ. Н. Заболоцкай. Арыт үөрэн, Сүөм үрдээн, Күлүмүрдээн — Оо, доҕорум барахсан, Олус да кэрэҕин. Түһүлгэҕэ т. Бу түгэҥҥэ кини бэйэтиттэн бэйэтэ сүөм үрдээн, өй-санаа өссө үөһээ кэрдииһин дабайар, дьиҥнээх саҥалыы хараахтардаммытын көрдөрөр. Н. Тобуроков. Тэҥн. харыс, харыс хаал
◊ Муҥур сүөм көр муҥур I
Сүөм ордуга муҥур сүөм туоралаах түннүк. Р. Кулаковскай
ср. алт. сөөм, тат. сөям, уйг. сүйэм, ДТС сойэм, монг. сөөм, тув. сөөм, бур. һөөм, эвенк. сум ‘пядь’