Якутские буквы:

Якутский → Русский

сүөм

пядь (расстояние между концами растянутых большого и указательного пальцев) # сүөм түс =, харыс хаал = падать духом; разочаровываться в чём-л.

Якутский → Английский

сүөм

n. inch

Якутский → Якутский

сүөм

аат. Уста кээмэйэ: киһи тарбаҕын атыччы баттаан ууннары туттаҕына, эрбэҕин төбөтүттэн сөмүйэтин төбөтүгэр диэри ырааҕа. Мера длины: пядь (расстояние между концами растянутых большого и указательного пальцев)
Куонаан биир сүөм кэтит хаарыс солко курунан хара билиис болтуону бобо курданан кэбиспит. Н. Неустроев
[Арҕаҕы] үрдүнэн тобуларга диэн буолла. Сүөм кэриҥэ сири охсубутум кэннэ көҥдөй буолла. Далан
«Атыннык, атыннык!» — диэн хаһыытыы түһээт, кинээс оронун таҥаһын муннуктан биир сүөм сыҕарытан биэрдэ, онтон эмиэ чугаһата аста. Л. Толстой (тылб.)
Сүөм түс (намтаа) — туохтан эмэ улаханнык туоххаһый, санааҕын түһэр. Упасть духом, сильно огорчиться, расстроиться (букв. понизиться на пядь)
Олохтоохтортон аан аһааччы көстүбэтэ: бары эбэлэрин аһыйан, хомойон-курутуйан, сүөм түспүттэр. Күннүк Уурастыырап
Эмээхсин сүөм намтаан олордоҕуна уола бултаан кэлбит. А. Сыромятникова
Оттон баччааҥҥа диэри тугу да билбэтэх Нааста кыыс сүөм намтаан, кулук-халык буолла. С. Федотов
[Уһун Уйбаан] сирэйэ-хараҕа салбаҕыран, сүөм түһэн, моонньоох-баһын киритэн сир диэки умса көрөн олордо. «ХС». Сүөм үрдээ — санааҥ көтөҕүллэн улаханнык эрдийэн кэл. Воспрянуть духом (букв. повыситься на пядь)
Ити айылааҕы куттаан ыыппыт киһи, кини билигин бэйэтин хараҕар сүөм үрдээн кэллэ. Н. Заболоцкай. Арыт үөрэн, Сүөм үрдээн, Күлүмүрдээн — Оо, доҕорум барахсан, Олус да кэрэҕин. Түһүлгэҕэ т. Бу түгэҥҥэ кини бэйэтиттэн бэйэтэ сүөм үрдээн, өй-санаа өссө үөһээ кэрдииһин дабайар, дьиҥнээх саҥалыы хараахтардаммытын көрдөрөр. Н. Тобуроков. Тэҥн. харыс, харыс хаал
Муҥур сүөм көр муҥур I
Сүөм ордуга муҥур сүөм туоралаах түннүк. Р. Кулаковскай
ср. алт. сөөм, тат. сөям, уйг. сүйэм, ДТС сойэм, монг. сөөм, тув. сөөм, бур. һөөм, эвенк. сум ‘пядь’


Еще переводы:

пядь

пядь (Русский → Якутский)

сүөм; # ни пяди земли (не отдать) сүөм да сири (биэримэ); будь он семи пядей во лбу сүүһүгэр күннээх да буоллун.

хататтан

хататтан (Якутский → Якутский)

хататтаа диэнтэн атын
туһ. Игиилэнэн кикирийэн, Хататтанан хахырыйан, Сүгэбин, быһахпын оҥостубакка Сүөм-харыс түһэр буоллаҕым. С. Васильев

билгэлэт

билгэлэт (Якутский → Якутский)

билгэлээ диэнтэн дьаһ
туһ. Уол санаата сүөм түһэн, муҥур уһугар тиийэн, биир кырдьаҕас эмээхсиҥҥэ кэлэн, инники дьылҕатын билгэлэппит. С. Курилов (тылб.)

сирии

сирии (Якутский → Якутский)

сир I диэнтэн хай
аата. Сирииттэн сүөм түһэн, Сэнэнэ санаама. Күннүк Уурастыырап
Типовой, серийнэй тутууну сирии диэн — аныгы индустриялаах олоҕу утарыы. Н. Лугинов
[Мэхээлис:] Ол мин Арамааным урукку өттүгэр сириитэ суох үлэһит этэ. С. Ефремов

соруйуу

соруйуу (Якутский → Якутский)

соруй диэнтэн хай
аата. Яков санаата сүөм түһэн, …… тобуктуун мастыйан хаалан, атахтара соруйуу бөҕөнөн нэһииччэ бокуҥнаһаллар. Н. Заболоцкай
Баҕарыыны, көрдөһүүнү, ыҥырыыны, соруйууну көрдөрөр туохтуурдары туохтуур соруйар киэбэ диэн ааттыыбыт. ЕНВ СТ

сөбүнэн

сөбүнэн (Якутский → Якутский)

сыһ. Сөптөөхтүк, сиэрдээхтик, дьон тэҥинэн. В соответствии с нормой, по-человечески, как подобает
Сүөм түһүмэ, харыс быгыма, сөбүнэн сылдьаргын умнума. И. Эртюков
Билигин дьоҥҥо таптатар: Бурдук тартарбытын иһин Кини сөбүнэн ылааччы. Н. Некрасов (тылб.)

сүөмнээ

сүөмнээ (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Сүөмүнэн мээрэйдээ. Измерять, мерить пядью
Үөһээ хаптаһыны сыҕарыҥнатта, сүөмнээтэ уонна өлүөр тобугунан хам баттаан олорон, бирииппэнэн таҥнары суруйан тырылатта. Амма Аччыгыйа
Күүстээх Көстөкүүн, саҥата суох аргыый аҕай сылдьан, кыыл атылын хардыылаталаан ылар, үктэммит сирин сүөмнээн көрөр. Л. Попов

сүрдээх-кэптээх

сүрдээх-кэптээх (Якутский → Якутский)

даҕ. Киһи толлуон курдук, ынырык. Вызывающий страх, страшный
Ол гынан баран бу туохтан улуу уустар чөмчөкөлөрө харыс хааллылар, туохтан сүөм түстүлэр Хаҥыл дохсун Хаҥаластар, хадаар өһөс Боотур Уустар, баай-талым Байаҕантайдар, сүрдээх-кэптээх Дүпсүттэр, бэрт дьон Мэҥэлэр? Далан

үмүрүс гын

үмүрүс гын (Якутский → Якутский)

үмүрүй диэнтэн көстө түһүү. Хойуу от төрдүнэн охсуллаат, үмүрүс гынар уонна хотуур үрдүгэр турбахтыы түһэн баран, сиҥнибитинэн барар. Л. Попов
Кини киирээтин кытта хоспут мэктиэтигэр үмүрүс гынан сүөм намтаата, биллэкөстө кыараата. С. Федотов

үөтүс

үөтүс (Якутский → Якутский)

үөт I диэнтэн холб. туһ. Уруккуну-хойуккуну үөтүһэллэр, Үөһээ дойдуга тиийэ сылдьыбыт аатыраллар
Дьэ, ким билэр?! И. Никифоров
«Билигин кэлэн, ол ааспыты үөтүһэр төһө бэрт эбитэ буолла» — эмээхсин сүөм түһэн олордо. «ХС»