Якутские буквы:

Якутский → Русский

киэли

1) брюхо, утроба; туолбат киэли ненасытное брюхо; 2) анат. матка; 3) разг. вместилище; киэҥ киэли большая ёмкость чего-л.

Якутский → Якутский

киэли

аат.
1. Туох эмэ ис киэҥэ, ис киэбэ. Вместилище, внутреннее пространство
[Борохуот аал] Киэбэ биллибэт киэҥ Киэлитин иһигэр Кэмэ суох элбэх Киһини киллэриннэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
Саалар тыастарын халыҥ сис тыа бэйэтин киэлитигэр дьөлө эҕирийэн ылла. Эрилик Эристиин
Куртах киэлитин түгэҕэр аҕыйах дьэҥкир куртах аһыыта дьалкылдьыйар. АВТ ГСЭ
2. Туох эмэ киэҥ нэлэмэн иэнэ. Широкое пространство, просторы чего-л.
Киҥкиниир киэҥ халлаан кэтит киэлитэ кэҥээбитэ, киэркэйбитэ. Далан
Эйэ! Аан дойду кэтит киэлитигэр кэрэтик иһилиннин ити тыл. Эллэй
Истиэп киэҥ нэлэмэн киэлитин кыһыл көмүс сэлиэһинэй муоратыгар кубулутуохтара. БТТ
Тахсабын Туут хайыһарбын иилинэн Туундара киэҥ киэлитигэр, Саҥа суол тэлэн. «ХС»
3. Киһи иһэ. Живот человека, брюхо, чрево, утроба
Кини бэйэлээх, Киэлитин киэптээтэ, Киэбин кэбэлиттэ. А. Софронов
Дьэ, мин бэйэлээх, киэҥ киэлим бэркэ киэптэннэ, уҥуоҕум-сүһүөҕүм олус ыараата. Күннүк Уурастыырап
Киэли …… монголлар былыргы тылларыгар ис (живот) диэн эрэ өйдөбүллээх эбит. Багдарыын Сүлбэ
анат. Дьахтар уонна тыһы харамай ууһатар уоргана; оҕо үөскүүр миэстэтэ. Матка
Дьахтар барахсан баара …… Киһи киһи буолбут Киэҥ киэлитин иһигэр [эр киһи сиэмэтэ] Булдьугуруу тэптэ. П. Ойуунускай
Киэҥ киэлитин иһигэр …… оҕо мөҕүстэ. П. Ойуунускай
Прикладынан кырбаабыттара да, …… кини киэлитин иһинээҕи оҕону өлөрбөтөх эбит. В. Васильев
4. көсп. Туох эмэ эйгэтэ. Среда, пространство, сфера
Мин куоракка киирбитим …… устудьуон олоҕун киэлитигэр киирбитинэн барбытым. А. Бэрияк
Андрей Саввич …… саха ускуустубатын бүтүн аан дойду киэҥ киэлитигэр таһаарда. «ХС»
Олоххо Кынтаяров курдук киһи наада буолбута. Ким эрэ биһигини урукку чычырбас хааттан киэҥ киэлигэ таһаарыах тустаах этэ. «ХС». Тэҥн. эйгэ
Киэҥ киэлилээх — моҕус, аһастаах киһи. Обжора, прорва.
бур. хээли

киэли-маалы

даҕ. Олус улахан, балтархай. Очень большой, огромный
Быһаам үлүгэр улахан киэли-маалы күлүүһү сулбу таһыйан аҕалан баран, илиитинэн сапсыйар. Суорун Омоллоон

киэп-киэли

аат.
1. Туох эмэ тас көстүүтэ, тас быһыыта-таһаата, көрүҥэ. Внешний вид чего-л., наружность, состояние
Дьокуускай куорат киэбэкиэлитэ тупсуоҕа, быһыыта-таһаата уларыйыаҕа. П. Ойуунускай
Бу дойду киэбин-киэлитин хамсаталлар, тордуйалаах уу курдук долгуччу үктүүллэр. Суорун Омоллоон
Сир-халлаан киэбэкиэлитэ уларыйбыта. В. Протодьяконов
2. Киһи быһыыта-таһаата. Телосложение, фигура, комплекция
Саха тылыгар …… быһыыны-таһааны, киэби-киэлини көрдөрөр эпиитэт элбэх, холобур: мөлбөрдүүр, мөлбөрөҥнүүр …… эҥин диэннэр. Күндэ
[Баһылай төһө да кырыйдар] санна кэтирээн, түөһүн, илиитин быччыҥнара күүрэн-эриллэн, тэтиэнэх киһи киэбэ-киэлитэ баар диэтэҕиҥ. В. Гольдеров
3. Ким, туох эмэ дьүһүнэ-бодото. Внешний облик как проявление внутреннего состояния человека, животного
Айаммын тулуйумуна киэпкин-киэлигин хамнаттаргын эрэ, Уот байҕал өҕүрүйэн ылыаҕа — ону сэрэн-сэрбэн. Ньургун Боотур
Чаабый Натааһа киэбэ-киэлитэ уларыйан, ынырыктаах ыар дьүһүннэнэн, Маайа диэки көрүтэлээн кэбистэ. Эрилик Эристиин
Кыыл кыыһыран киэбэ-киэлитэ уларыйбыт. Сирибуору батарыта тиҥилэхтиир. В. Бианки (тылб.)
Киэбэ-киэлитэ биллибэт — улаҕата көстүбэт, муҥура суох. Бескрайний, не имеющий видимых пределов
Саха киэбэкиэлитэ биллибэт киэҥ дойдутун уһаты-туора айаннаабыт киһи. Амма Аччыгыйа
Кэтит нэлим илгэлээх, Киэбэкиэлитэ биллибэт, күөх солко тыа барахсан! Суорун Омоллоон
[Эр дьон] ыраах, киэбэ-киэлитэ биллибэт киэҥ тайҕа устун бултуу тарҕастылар. Н. Заболоцкай


Еще переводы:

вместимость,

вместимость, (Русский → Якутский)

вместительность ж. ис, киэли; киэлитэ, иһэ, киллэрэр кыаҕа; бассейн большой вместимости киэҥ истээх бассейн.

ёмкость

ёмкость (Русский → Якутский)

ж. киэлитэ, иһэ, киллэримтиэтэ; ёмкость сосуда сосуд киэлитэ; # меры ёмкости киэли кээмэйдэрэ (литр, кубическай метр уо. д. а.).

киирсиспэхтээ

киирсиспэхтээ (Якутский → Якутский)

киирсис диэнтэн тиэт
көрүҥ. Ийэ киэли дайды Имэҥнээх кэскилигэр Киирсиспэхтээн хаалыахха. Өксөкүлээх Өлөксөй

матка

матка (Русский → Якутский)

ж. 1. (самка-производительница) ийэ тыһы (сүөһү, кыыл туһунан); 2. анат. хапчаҕай, киэли - дьахтарга оҕо үөскүүр сирэ.

кэбэлит

кэбэлит (Якутский → Якутский)

кэбэлий диэнтэн дьаһ. туһ. Кини бэйэлээх, Киэлитин киэптээтэ, Киэбин кэбэлиттэ… А. Софронов
Кини [хаарты, арыгы абааһыта] сахалары сарбыйа, кэнчээрини кэбэлитэ, төрүөхтэрин түҥнэрэ кэлбитин кэпсэнэр. «ХС»

кэдэлдьит

кэдэлдьит (Якутский → Якутский)

кэдэлдьий диэнтэн дьаһ
туһ. Киҥкиниир киэҥ халлаан Киэбин-киэлитин кэдэлдьиппит Уоттаах уот кыргыһыы. П. Ойуунускай
Хаартытын имигэс-имигэстик ырытан кэдэлдьиттэ. Болот Боотур

кэскиллээхэй

кэскиллээхэй (Якутский → Якутский)

кэскиллээх диэнтэн нор
поэз. Киллэм сыһыы сирдэрим Киэлилэрин тухары Кэскиллээхэй үлэбит Кимиэллээхтик ньиргийдэ. П. Тобуруокап
Кэрэ-билэ доҕоттоор, Кэчигирэһэн тураммыт, Кэскиллээхэй тыллары, Кэпсэтиэҕиҥ, сэгэрдэр! Саха нар. ыр. III

үллэҥнэччи

үллэҥнэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Түллэҥнээн, үллэҥнээн көстөр курдук. Вздымаясь (о волнах)
Үс үөстээх, үллэр дэбилгэн уулаах Өлүөнэ өрүс уҥуоргута биллибэт кэтит киэбэ-киэлитэ үллэҥнэччи бысхалдьыйбыт, дэбилийэ эҥсиллибит. П. Ойуунускай

эрчилин

эрчилин (Якутский → Якутский)

эрчий диэнтэн атын., бэй
туһ. Үөрэххэ, үлэҕэ, Киһилии киэлигэ Үс сыл уол эриллэн, Уһуллан, эрчиллэн Төлөһүйэн улаатан Төннүбүт сурахтаах. С. Данилов

кэрим

кэрим (Якутский → Якутский)

  1. көр кэриим
    2
    Сылгы айыыһыта Киэли Баалы тойоҥҥо, Киэҥ Киэли хатыҥҥа Кэримин ситэрдэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
    Бу Үөһээ дойду кэримин ситэрэн баран, онтон Орто дойду кэримин ситэрэн баран, онтон Аллараа дойду кэримин ситэрэн баран тахсан иһэн …… төннөн барбыт. Ньургун Боотур
  2. көр кэриир
    2
    Бороҥ күн анныгар туох баар барыта биир кэрим кинини [Марбаны] өһөөбүттүү дуу, кинини кытта бииргэ ытаспыттыы дуу буолан көһүннэ. Күндэ