Якутские буквы:

Русский → Якутский

клыкастый

прил. аһыылаах, анаҕастаах.


Еще переводы:

аһыылаах

аһыылаах (Якутский → Русский)

I 1) тот, у кого горе; переживающий горе; 2) достойный сожаления; стоящий того, чтобы его жалели (о человеке и предмете).
II имеющий клыки; с... клыками; клыкастый # аһыылаах кыыл хищный зверь, хищник.

анаҕастаах

анаҕастаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Аһыылаах, суостаах, адьырҕа (кыыл). ☉ Зубастый, клыкастый, хищный (зверь)
Ньургууналыын иккиэн тоҥон чиккэйэн хаалбыт, көп түүлээх, анаҕастаах кыылы сыарҕаттан ньылбы тардан түһэрдилэр. А. Сыромятникова
[Булчут ыт] онтон иччитин көмүскүүргэ, ханныктаах да анаҕастаах кыылтан куттаммат. Н. Абыйчанин

аһыылаах

аһыылаах (Якутский → Якутский)

I
1. даҕ. Киһи аһыйар, суохтуур (киһитэ, предметэ). ☉ Достойный сожаления; стоящий того, чтобы его жалели (о человеке, предмете)
Биһиги нэһилиэктэн аһыылаах киһи өлөөрү гыннаҕа. И. Гоголев
Чахчы аһыылаах сэп алдьаммыт быһыылаах. Амма Аччыгыйа
2. аат суолт. Улахан, ыар сүтүктээх киһи. ☉ Человек, у которого большое, невосполнимое горе
Аһыылаахтарга аһыыр ас амтана сүппүтэ. Күн уһунакылгаһа биллибэт буолбута. Дьүөгэ Ааныстыырап
Кини уран кэпсээнинэн Тыалы намыратар: Ытаабыты күллэрэр, Аһыылааҕы саататар. Суорун Омоллоон. Аһыылаах аһыытын Атас, доҕор аһардын, Санаалаах санаатын Сайаҕас кэпсээн тарҕаттын. Т. Сметанин
II
даҕ. Уһуктаах улахан тиистээх. ☉ Имеющий клыки; клыкастый
Уопсайынан бу дойду сирэ-уота сэндэҥэ, ыраас, онон аһыылаах удьуора дугуйдаммат буолан абырыыр. «ХС»
Сүүһүн ортотугар чөмчүүк олоҕун саҕа харахтаах, соҕотох илиилээх, атахтаах, аллара түһэ сылдьар аһыылаах киһи ыстаҥалаан киирбит. Саха ост. I