Якутские буквы:

Русский → Якутский

комплексная механизация

кэлимсэ механи-зэциялааһын (тыа хаһаайыстыбатын үлэтин бары хэрүнүн механизациялааһын. К. м. тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын илии үлэтэ суох утум-ситим бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн солбуһар араас массыыналар көмөлөрүнэн оҥорору хааччыйар.)

крыла механизация

кынат механизацията (көтөр аппараат кынатыгар олордуллубут, аппараат көтөҕөр күүһүгэр уонна көтөн истэҕинэ утарсар күүс кээмэйдэрин уларытар аналлаах механическай оноһуктар (кынат иннинээҕилэр, кынат кэтэҕинээҕилэр уо. д. а.). К. м. көтөр аппараат түһэр тургэнин туормастаан бытаардар, көтөн тахсарыгар эмиэ көмөлөһөр аналлаах. Самолет көнөтүк биир кэм үрдүгүнэн көтөр кэмигэр К. м. хомуллар, миэстэтигэр төттөрү киирэн хаалар.)

механизация

сущ
техниканы киэҥник туһаныы

механизация

ж. механизация, механизациялааһын (производствоны массыыналарынан, механизмнарынан сэбилээһин); механизация сельского хозяйства тыа хаһаайыстыбатын механизациялааһын.

механизация

механизация (илии үлэтин механизмнарынан уонна массыыналарынан солбуйуу.)

механизация сельского хозяйства

тыа хаһаайыстыбатын механизациялааһын (тыа хаһаайыс-тыбатын бары салааларыгар илии үлэтин массыыналары-нан уонна механизмнарынан солбуйуу.)

крыло

сущ.
кынат

крыло

с. 1. кынат; махать крыльями кынат-таргынан сапсын; 2. ав., тех. кынат; салбах (лопасть); левое крыло самолёта самолёт хаҥас кыната; правое крыло автомашины автомобиль уҥа кыната; крылья пароходного винта борокуот биинтэтин салбахтара; 3. (пристройка) кынат, өттүк; жить в левом крыле здания дьиэ хаҥас кынатыгар олор; 4. полит, кынат, бөлөх; # подрезать крылья кому-л. кынатын сарбый (кыаҕын быс); расправить крылья санныгын дарат (кыаххын, күүскүн толору туһанан үлэлээ, оҥор).

Якутский → Русский

механизация

механизация; колхоз механизацията колхозная механизация.


Еще переводы:

механизациялааһын

механизациялааһын (Якутский → Русский)

и. д. от механизациялаа = механизация; тыа хапаайыстыбатын механизациялааһын механизация сельского хозяйства.

воронов

воронов (Русский → Якутский)

прил. суор; # цвета воронова крыла суор дабыдала өҥнөөх, күөх толбонноох хара.

комплексный

комплексный (Русский → Якутский)

прил. комплекснай; комплексная механизация производственных процессов производство процестарын комплекснай-дык механизациялааһын.

дабыдал

дабыдал (Якутский → Русский)

1) верхняя часть крыла; 2) уст. длинные железные полоски на рукавах шаманского плаща # хабдьы дабыдала физически слабый человек, слабак.

төбө

төбө (Якутский → Русский)

1) голова || головной; төбө оройо темя; макушка; төбө уҥуоҕа череп; төбө сыгынньах с непокрытой головой, без головного убора; төбөм ыалдьар у меня болит голова; төбө ыарыыта головная боль; төбөтүттэн имэрий = а) гладить по голове; б) неодобр, потакать; төбөтүн тарбанна он почесал в голове (в затруднении, замешательстве); төбөтүн (или төбөтүнэн) оройунан көрбүт (или харахтаах) погов. с глазами на темени (о буйном шалуне; о верхогляде, вертопрахе); 2) верхушка, макушка, вершина; мас төбөтө верхушка дерева; от төбөтө а) верхушка травы; б) цветок; хайа төбөтө вершина горы; бурдук төбөтө колос; 3) конец, кончик; кымньыы төбөтө конец плётки; кынат төбөтө конец крыла;мурун төбөтө кончик носа.

кынат

кынат (Якутский → Русский)

крыло; крылья; көтөр кыната крыло птицы; самолёт кыната крыло самолёта; муҥха кыната крылья невода # кынаккын куурт = приготовиться к отъезду; тирии кынат белка-летяга.

ыт

ыт (Якутский → Русский)

собака; пёс || собачий; псиный; булчут ыт охотничья собака; куобахчыт ыт гончая; киҥнээх ыт овчарка; кусчут ыт собака, с которой охотятся на уток; көлүүр ыта борзая (быстроногая, в упряжке); тайахсыт ыт собака, с которой охотятся на лося; тииҥньит ыт собака, с которой охотятся на белку; дьиикэй ыт дикая собака; харабыл ыт дворняжка; саха ыта якутская собака; сыаптаах ыт цепная собака; атыыр ыт кобель; тыһы ыт сука; ыт оҕото щенок; ымыылаах ыт а) защищенная (от злых духов) собака; б) собака, не подпускающая к дому злых духов; ыт айыыһыта божество, покровительствующее собакам; ыт тыһа собачья лапа; ыт тириитэ собачья шкура; ыт үрүүтэ собачий лай; ыт саҕынньах собачья доха; ыт этэ собачина; кусчут да ытынан булуоҥ суоҕа погов. и с охотничьей собакой не сыщешь (соотв. днём с огнём не найдёшь); сыаптаах ыт (курдук ) погов. (как) цепная собака (говорится о злом человеке); ыт курдук ымсыы посл. жаден, как собака (соотв. как собака на сене); ыт сыҥсыйбытыгар дылы погов. как собачья понюшка (говорится о чём-л. незначительном); ыт ууну салаабытыгар дылы погов. словно собака лакала воду (употр., когда говорят о чём-л. без всяких к тому оснований); ыт үрбэт , ымыы ыллаабат и собака не лает, и птица не поёт (т. е. ни одной живой души) # хааннаах ыт тириитин курдук көр = брезговать, гнушаться кем-чем-л. (букв. смотреть, как на кожу окровавленной собаки); хара ыт бран. негодяй, мерзавец (букв. чёрная собака); ыкка биэр = забраковать (букв. отдать собаке); ыккын үрдэримэ груб, не ори (букв. не заставляй рычать свою собаку); ырдьыгыныыр ыт бран. хам ; ыт атаҕын тут = остаться с пустыми руками; ыт атах лёгок на ногу (букв. с собачьей ногой); ыт буола сыс = едва не погибнуть из-за пустяка; ыт да тэппитин саҕа суох пустяки; ыт да үрбүтүгэр холоомо = оставить что-л. без всякого внимания; ыт курдук ньылаҥнаа = лицемерить; ыт куоска курдук (олороллор) (живут) как кошка с собакой; ыт өлүүтүн көр = напрасно трудиться (букв. испытать собачью участь); ыт мас клячи невода (палка, края прикрепляется к верхней и нижней бечеве крыла невода на расстоянии четверти от конца); ыт мунна берёзовая губа; трут (букв. собачье рыло); ыт мунна баппат (ойуура ) лесная чаща; ыт сирэй бран. мерзавец (букв. собачья морда); ыт сыппат ото плохое сена (букв. сено, на которое даже собака не ложится); ыттан тириитин сүлүөҥ дуо ? разве с собаки шкуру сдерёшь? (говорится о том, кому нечем платить долг); ыт тиҥилэҕэ княженика; ыт тыла пиявка; ыт тыһын курдук кылгаата у него пороху не хватило (букв. он укоротился, как собачья лапа); ыт уола бран. сукин сын; ыт уос буол = остаться ни с чём; ытын киллэрбит он в дурном расположении духа.

сатыылат=

сатыылат= (Якутский → Русский)

1) побуд. от сатыылаа =; 2) диал. загромождать, захламлять чём-л.; 3) ранить птицу в крыло.

крылышко

крылышко (Русский → Якутский)

с. уменьш. от крыло 1; # под крылышком у кого-л. ким эмэ хонноҕун анныгар (ким эмэ бүөбэйигэр, көрүүтүгэр).

соколий

соколий (Русский → Якутский)

прил. 1. мохсоҕол; соколье крыло мохсоҕол кыната; 2. (как у сокола) мохсоҕол курдук (сытыы), хорсун; у него сокольи глаза кини мохсоҕол курдук сытыы харахтардаах, мохсоҕол хараҕа харахтаах.