Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кугдаҥ

даҕ. Кубаҕай бороҥ, кубалаҥ. Светло-бурый
Куруҥ тыаҕа тахсан, арай, …… Кугас куорсун кукаакыны Кугдаҥ үөккэ харахтаата. Эллэй


Еще переводы:

ыыраахтаах

ыыраахтаах (Якутский → Якутский)

даҕ. Төбөтө икки аҥыы арахсыбыт, икки салаалаах. С разветвлённым, раздвоенным концом
«Оҕус, эн ити ыыраахтаах туйахтаргынан хаары кыайан хаһан, оту булан сиэбэтиҥ чахчы», — диир атыыр. Н. Якутскай
Ыыраахтаах туйах төбөтө муус тоҥот үрдүн ойо охсон ааспыт. М. Попов
Кыра Баанньа уол чыскынан, ыыраахтаах молотуогунан хаптаһыннартан тоһоҕолору туурара. МАС ТК
Ыыраахтаах туйахтаах (туйахтаахтар) көр туйахтаахтар
Хойобуллаабыт ыыраахтаах туйахтааҕы [тайаҕы] сонордоон ыппакка, тыаҕа хаалларбыккыт. Н. Борисов
Бачча элбэх ыыраахтаах туйахтааҕы бу өрүс кытылыгар аатырбыт Кугда баай даҕаны буорга үктэннэрбитэ иһиллибэт этэ. ВМП УСС
Баччаҕа ойуур-тыа ыыраахтаах туйахтаахтара күөнтэһэр, үөр-сүүрүк хомуйсар, бугуһуйбут кэмнэрэ. ФВС К

туйахтаахтар

туйахтаахтар (Якутский → Якутский)

аат., э. ахс., зоол. Атахтарыгар туйахтаах, үүнээйинэн аһылыктанар, үүтүнэн иитээччи бөдөҥ харамайдар (сылгы, ынах сүөһү, сибиинньэ, тайах, таба о. д. а.) этэрээттэрэ. Отряд копытных, копытные. Туйахтаахтар араастара — бүтэй уонна ыыраахтаах туйахтаахтар
Алаас сыһыыларым Алардарын иһигэр Ачаах туйахтаахтар Аалсыһан үөскээбиттэр. «ХС»
Бүтэй туйахтаах (туйахтаахтар) көр бүтэй II
Үрэххэ баппатах үрүҥ түүлээҕи, Үргүүк хаҥылы, бүтэй туйахтааҕы Үксэтэ олордуннар. П. Ойуунускай
Бүтэй туйахтаахтар оҕолоро …… төрөөт да атахтарыгар тураллар уонна ийэлэрин батыспытынан бараллар. ББЕ З. Паарынай туйах- таахтар — ыыраахтаах туйахтаахтар диэн курдук. Паарынай туйахтаахтар этэрээттэригэр сибиинньэлэр, бегемоттар, табалар, жирафтар киирсэллэр. Ыыраахтаах туйахтаах (туйахтаах- тар) — туйахтарын иһигэр икки эбэтэр түөрт тарбахтаах туйахтаахтар этэрээттэрэ (хол., таба, туртас, сибиинньэ). Парнокопытные (напр., олень, кабарга, свинья)
Үгүс ыыраахтаах туйахтаахтар төбөлөрүгэр муостаахтар. ББЕ З
Бачча элбэх ыыраахтаах туйахтааҕы бу өрүс кытылыгар аатырбыт Кугда баай даҕаны буорга үктэннэрбитэ иһиллибэт этэ. ВМП УСС