Якутские буквы:

Якутский → Якутский

куллустуур

даҕ., фольк. Сытыысыыдам, оонньуулаах-көрдөөх, чаччырҕа (эдэр дьон, уолаттар тустарынан этэргэ). Резвый, игривый (о добром молодце)
Чэйиҥ-чэйиҥ, чэкийдээр, Куллустуур кулун уолаттар, Дьылыстыыр кытыт кыргыттар. Өксөкүлээх Өлөксөй


Еще переводы:

ньохчолун

ньохчолун (Якутский → Якутский)

ньохчой диэнтэн бэй., атын
туһ. Ньохчоллубут көҕүстээх, кыпсыллыбыт сотолоох Маччыт уола [Кулун Куллустуурга] Малыччы мэлигир эбитэ үһү. ПЭК ОНЛЯ III

халбалдьыгас

халбалдьыгас (Якутский → Якутский)

даҕ., фольк. Түргэнник хамсыыр. Быстро двигающийся, подвижный
[Кулун Куллустуур] Халбалдьыгас хара көмүс хаастаах-харахтаах эбит. ТТИГ КХКК

хотус

хотус (Якутский → Якутский)

хот диэнтэн холб. туһ. [К.Т
Ньургустай]: [Кулун Куллустуурдуун] Үс ыйым тоҥхол тоҕус уон хонугар туруору охсуһан хотуспатыбыт. ПЭК ОНЛЯ VI

дибдигирэччи

дибдигирэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Биир тэҥ чаастатык тибигирэччи, тибийэрдии. С равномерным частым стуком, с топотом
[Кулун Куллустуур] сири дибдигирэччи тиҥилэхтии-тиҥилэхтии силбиэтэнэ, хаһыыра турда. ТТИГ КХКК

куруубайдыҥы

куруубайдыҥы (Якутский → Якутский)

даҕ. Куруубай соҕус. Грубоватый, резковатый
Сөдүөт куруубайдыҥы майгылаах. — [Үрүҥ Айыы тойон:] Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур бухатыыр Куруубайдыҥы соҕус киһи буолуоҕа. ТТИГ КХКК

ньындалын

ньындалын (Якутский → Якутский)

ньындай диэнтэн бэй., атын
туһ. [Кулун Куллустуур] Уҥа өттүн диэки Одуулуу биэрбитэ, Ойоҕо кэлэн, Кэккэлэһэ ньындаллан турар эбит. ПЭК ОНЛЯ III

тобуойдас

тобуойдас (Якутский → Якутский)

тобуойдаа диэнтэн холб. туһ. Биһиги охсуһан тобуойдаһан турбуппут. «Чолбон»
Уот Курбай удаҕан бэйэтэ буоллаҕына, Ойоҕос өттүттэн [Кулун Куллустуурдуун] тобуойдаһа турда. ТТИГ КХКК

туойталаа

туойталаа (Якутский → Якутский)

туой I диэнтэн төхт. көрүҥ. Тойугар туойталаата, хоһоонугар хоһуйталаата
[Ойууннар:] Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур, хара түөкүн, …… Умсары туойталаатахпыт буоллун эһигини. ПЭК ОНЛЯ III

бадьаралат

бадьаралат (Якутский → Якутский)

бадьаралаа диэнтэн дьаһ
туһ. Булумньу Чоохулар балыктыыр оломнорунан күөх элэмэс атын бадьаралатан, Уһук Лэппиэһэй кыстык угун саҕа саха балаҕанын сэргэтигэр атын хоруйа тэптэрэр. Л. Попов
[Абааһы уола Кулун Куллустууру] Тобугун үрдүгэр Тоҕуста туруйалатта, Атаҕын үрдүгэр Аҕыста бадьаралатта. ТТИГ КХКК

быыраҥалаа

быыраҥалаа (Якутский → Якутский)

быыралаа диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Көтүөлээн кэлэр көһүйэлээх, Чохчоохойдоон кэлэр чороонноох …… Сүүрэлээн кэлэр сүгэлээх, Быыраҥалаан кэлэр быһахтаах эбит [Кулун Куллустуур]. ТТИГ КХКК
Уһун кыараҕас көрүдүөр устун киирсэ саппыкытын уллуҥаҕыттан уот саҕыллан өрө тэйэ, быыраҥалыы, синиэлин тэллэҕэ тэлээрэ турда. М. Тимофеев