Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кулуһуй

туохт.
1. Тэтимнээх хатан куолаһынан дьиэрэччи тардан ыллаа. Петь, звонко затягивая, энергично
Ыар санаабын ыраах кыйдыыр ыраас ырыа чуорааным! Кэл эрэ бэттэх! Чөллөһүт! Кэҥэт! Кулуһуй! Доллоһут! Суорун Омоллоон
2. Тохтобула суох эргий, кулахачый. Крутиться, вертеться безостановочно
[Дьырыбына Дьырылыатта] үгүрэлии түһэн баран, Үрүҥ ньүөрсүн былыт Үрэллиэр дылы Мөхсөн кулуһуйда. П. Ядрихинскай
Носуоһу мотуорга холбоотоххо …… көлөһө эргийэн кулуһуйар. БАА ОКН


Еще переводы:

кулуһут

кулуһут (Якутский → Якутский)

көр кулуһуй
1.
Түөлбэ хаан дүҥүрүн Үс төгүл охсон Бүрдьүгүнэтэн баран, Ыллаан ыҥсалыта, Кутуран кулуһута, Көрүүлэнэн лүһүгүрүү олордо. Өксөкүлээх Өлөксөй
үйэҕэ соҕотох Боотурускай улууска 164 ойуун, 186 удаҕан кутуран кулуһуталлара, кыыран илгистэллэрэ. ФММ ДьКС

лиҥкинээ

лиҥкинээ (Якутский → Якутский)

I
тыаһы үт. туохт.
1. Туохха эмэ охсуллан, биир күрүстүк ньиргиэрдээхтик доргуйан тыаһаа (туох эмэ улахан предмети этэргэ); тыастаахт ы к к у у г у н а а ( хол., о һ о ҕ у э т э р г э ). Ударяясь обо что-л. твёрдое, производить гулкие, громкие, раскатистые звуки (о т яжёлых больших предметах); гудеть (напр., о печной трубе)
Ампаар дьиэ ортотугар турар буор оһох тыаһаанууһаан умайан лиҥкинээн барда. Эрилик Эристиин
[Эһэ] дьаргыл таас олбоҕор лиҥкинии устар Индигир эбэ тымныы сүүрүгүн одуулаан турбахтыыра. Н. З аболоцкай. Атаҕым анныгар сир титирэс тээбитэ, эриэлсэлэр лиҥкинээбиттэрэ. Ч. Айтматов (тылб.)
2. Сөҥнүк, ньиргиэрдээхтик саҥар. Го ворить гулким, трубным голосом. Тохороон саҥата дьон айдаанын ортотугар туспа лиҥкинээн и һ и л и н н э. А мма Аччыгыйа
Ньиргиэрдэнэн иһилин. Звучать гулко, громко, раскатисто
Титиик диэки Сынтараалка [оҕус] мөҥүрүүр саҥата сир түгэҕэр лиҥкинээтэ. В. Титов
II
туохт. Суон уонна өрө кулуһуйбут үрдүк буол (сүнньүнэн үүнэн турар маһы этиллэр). Быть очень высоким и крепким снизу доверху (в основном о деревьях)
Дьэ, лиҥкинээн мастар да мастар буолан бардылар. Суорун Омоллоон
Оччолорго өрүс сүнньүн бата тэҥкэ тииттэрдээх түбэ лиҥ кинээн турара. М. Ефимов