даҕ. Сырыынньа, биллэбиллибэттик намтаан барар (хол., сыыр). ☉ Пологий, отлогий, покатый (напр., о горке)
Иккиэн эргиллэн, саһарымтыйар бурдуктаах ньылбаа сыыр анныгар бачыгыраспыт дьиэлээх бөһүөлэги көрөн турдулар. Н. Габышев
◊ Ньылбаа <маҥан> сирэйдээх — үчүгэй, сырдык сэбэрэлээх киһини (үксүгэр дьахтары) ойуулуур эпиитэт. ☉ С ослепительно белой кожей лица (обычно о женщине)
Бөһүөлэк күһүҥҥү быыллаах-буордаах уулуссатынан уһун ньылбаа сирэйдээх курбууламмыт эдэр киһи тиэтэйэ-саарайа хааман иһэр буолара. С. Тарасов
Кэргэнэ Малааппыйа ньылбаа маҥан сирэйдээх, үрдүк субурхай муруннаах, уһун илиилээх-атахтаах нууччалыы көрүҥнээх дьахтар. Р. Кулаковскай