Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кусхарый

кусхай диэнтэн хамс
көстүү. Торбуйах сордоох өсөһөн, сэтиилэммит быаларын тардыалаһан көрөн баран, талаҕынан самыыга биэрбиттэригэр сиэлэн кусхарыйда. И. Гоголев
Итини [киргили] эһэ көрөр, Иҥсэтэ көөнньө көбөр, Кусхарыйан тиийдэ. Кумалааҥҥа ытынна. Т. Сметанин


Еще переводы:

сэтиилэн

сэтиилэн (Якутский → Якутский)

  1. сэтиилээ диэнтэн атын. туһ. Эт ыҥыырдар сүүрбэччэлии көтөл табаны сэтиилэнэллэрэ. Болот Боотур
    Түөрт уонча көлүүр аты сорҕотун сэтиилэнэн, сорҕотун үүрэн хас да хонук устата айаннаан өрүскэ тиийэн кэлбиппит. П. Степанов
    Торбуйах сордоох өсөһөн, сэтиилэммит быатын тардыалаһан көрөн баран, талаҕынан самыыга биэрбиттэригэр сиэлэн кусхарыйда. Тулхадыйбат д.
    Тугу эмэ состорон бар. Тянуть за собой, прицепив чем-л. (обычно верёвкой, бечевой)
    Салаасканы сыарҕаҕа сэтиилэннилэр. И. Гоголев
    Машаны сэрэнэн көтөҕөн ылла уонна тыыны сэтиилэнэн кытыыга эрдиннэ. ПИС СТС
  2. көсп. Тугунан эмэ арыаллан (хол., айылҕа көстүүтүн этэргэ); туох эмэ аргыстаах буол. Сопровождаться чем-л. (напр., о явлениях природы); быть преследуемым чем-л. (напр., мыслью)
    Алтынньы ыйы аргыстанан, сэтинньи ыйы сэтиилэнэн, Ахсынньы ый устатын тухары Ахсаабакка дьалыһытыҥ, Кэмэ суох тибэн тибилитиҥ. Саха нар. ыр. I
    Холобура суох Хотун Бүлүү Таас хайаларынан дьайыҥнаммыт, Тоҕус уон хоройор хочоломмут, Аҕыс уон аллар арыыламмыт Сэттэ уон силээн сэтиилэммит. Суорун Омоллоон
    Туой олоро, сынньана түспүт киһи диэн суос-соҕотох санааны сэтиилэнэн иһэбин. С. Федотов