даҕ. Үүнэрэ тохтоон саһарбыт, күөҕүн сүтэрбит. ☉ Увядший, поблёкший, высохший
Хагдаҥ сэбирдэҕи көтүтэн, Сайдам тыал тумулу эргийдэ. С. Данилов
Уулаах [киһи аата] үллүк гыммыт хагдаҥ отун бурайан, туран кэллэ. Эрилик Эристиин
Ньирэйдэр ийэлэрин эмэ сырыттахтарына, Ааныс хагдаҥ оту киллэрэн, халыҥ гына тэлгээтэ. С. Федотов
△ Түүлээн дьүһүнэ уларыйбыт. ☉ Полинявший, поменявший окрас
Хагдаҥ чыычаах хайаны ытыран турар үһү (тааб.: күлүүс). Сүүрэн кэлэн көрбүппүт: улахан бэйэлээх эһэ түһэн, хагдаҥ түүтэ умайан эрэр. Т. Сметанин
Били хагдаҥ эриэн кус оҕото куһаҕан кусчаан буола сылдьыбыта ааспыт. ХОКИО
♦ Хагдаҥ оттоох сиргэ олордубат көр олорт
Хата, хагдаҥ оттоох сиргэ Хаһан эмэ олордоойоҕут. Өксөкүлээх Өлөксөй
Ааныс тыла сытыытын санаан: «Хата, хагдаҥ оттоох сиргэ олордоойоҕут», — диэн Өксөкүлээх тылын өйдүү түстэ. А. Сыромятникова
◊ Хагдаҥ эһэ — тыалаах, хайалаах сиргэ олохсуйар хараҥа күрүҥ дьүһүннээх эһэ. ☉ Бурый медведь
Хара тыаҕа хаһаайын Хагдаҥ эһэ дииллэр. Т. Сметанин
Чугастан көрдөххө, дагдайан сүр улахан хагдаҥ эһэ уҥуор киирэн турар. Н. Габышев
Саха сиригэр киэҥник тарҕанан хара уонна хагдаҥ эһэлэр үөскүүллэр. ПАК АаТХ
ср. тюрк., монг. хагдан, маньчж. хакда ‘прошлогодняя трава’