Якутские буквы:

Якутский → Русский

хагдаҥ

1) старый, порыжелый (о медведе); 2) блёклый, увядший; хагдаҥ от блёклая трава.

Якутский → Якутский

хагдаҥ

даҕ. Үүнэрэ тохтоон саһарбыт, күөҕүн сүтэрбит. Увядший, поблёкший, высохший
Хагдаҥ сэбирдэҕи көтүтэн, Сайдам тыал тумулу эргийдэ. С. Данилов
Уулаах [киһи аата] үллүк гыммыт хагдаҥ отун бурайан, туран кэллэ. Эрилик Эристиин
Ньирэйдэр ийэлэрин эмэ сырыттахтарына, Ааныс хагдаҥ оту киллэрэн, халыҥ гына тэлгээтэ. С. Федотов
Түүлээн дьүһүнэ уларыйбыт. Полинявший, поменявший окрас
Хагдаҥ чыычаах хайаны ытыран турар үһү (тааб.: күлүүс). Сүүрэн кэлэн көрбүппүт: улахан бэйэлээх эһэ түһэн, хагдаҥ түүтэ умайан эрэр. Т. Сметанин
Били хагдаҥ эриэн кус оҕото куһаҕан кусчаан буола сылдьыбыта ааспыт. ХОКИО
Хагдаҥ оттоох сиргэ олордубат көр олорт
Хата, хагдаҥ оттоох сиргэ Хаһан эмэ олордоойоҕут. Өксөкүлээх Өлөксөй
Ааныс тыла сытыытын санаан: «Хата, хагдаҥ оттоох сиргэ олордоойоҕут», — диэн Өксөкүлээх тылын өйдүү түстэ. А. Сыромятникова
Хагдаҥ эһэ — тыалаах, хайалаах сиргэ олохсуйар хараҥа күрүҥ дьүһүннээх эһэ. Бурый медведь
Хара тыаҕа хаһаайын Хагдаҥ эһэ дииллэр. Т. Сметанин
Чугастан көрдөххө, дагдайан сүр улахан хагдаҥ эһэ уҥуор киирэн турар. Н. Габышев
Саха сиригэр киэҥник тарҕанан хара уонна хагдаҥ эһэлэр үөскүүллэр. ПАК АаТХ
ср. тюрк., монг. хагдан, маньчж. хакда ‘прошлогодняя трава’


Еще переводы:

медведь

медведь (Русский → Якутский)

м. эһэ; бурый медведь хагдаҥ эһэ.

блёклый

блёклый (Русский → Якутский)

прил. хагдаҥ, өлбөөркөй; блёклые краски өлбөөркөй кырааскалар.

бурый

бурый (Русский → Якутский)

прил. хагдаҥ, кугдархай, күрэҥ; сур, бороҥ; бурый медведь хагдаҥ эһэ; # бурый уголь бороҥ чох (таас чох алын суорда).

сахсалдьыт

сахсалдьыт (Якутский → Якутский)

сахсалдьый диэнтэн дьаһ
туһ. Солтуохап биирдэ Өлөөнөҕө хагдаҥ оту ат сыарҕатыгар тиэйэн сахсалдьытан аҕалан кэтэх хотон кыбыытыгар укпута. П. Аввакумов

хагдаһыар

хагдаһыар (Якутский → Якутский)

даҕ. Хагдаҥ курдук, хагдарыйан эрэр. Рыжевато-бурый, выцветший
Эһэ түҥ тыаҕа олохсуйар, хараҥатыҥы хагдаһыар өҥнөөх. ББЕ З

дапсыҥнаа

дапсыҥнаа (Якутский → Якутский)

дапсый II.2 диэнтэн б
тэҥ. көстүү. Эргим-ургум көрбүттэрэ. Сааһаабыт күөл бэтэрээ эҥээринэн хагдаҥ дьүһүннээх сүүнэ улахан көтөр аа-дьуо дапсыҥнаан ааһан эрэр эбит. В. Барабанскай

олбохтоо

олбохтоо (Якутский → Якутский)

туохт. Олбохтоох оҥор, олбохто бэлэмнээ, тэлгээ. Подложить подстилку
Сабырыкыны түгэх дьиэҕэ аһаран, хагдаҥ эһэ тириитэ олбохтоон, бастыҥ ороҥҥо олортулар. Күннүк Уурастыырап

халтарыс гын

халтарыс гын (Якутский → Якутский)

халтарый диэнтэн көстө түһүү. Хапчаҕайын иһиттэн Хагдаҥ окко Халтарыс гына түспүппэр. Өксөкүлээх Өлөксөй
Хара хаатыҥка боруогу атыллаан халтарыс гына түһээтин, хаһаайката бэйэтэ бу киирэн кэллэ. Э. Соколов

кугдархай

кугдархай (Якутский → Якутский)

даҕ. Сырдык күрэҥ; хагдаҥ; өлбөөркөй. Светло-бурый; пожелтелый; блеклый
[Кэҕэ] Куударалаах кутуруктаах, Кугдархай түүлээх Купчуллубут быһыылаах. П. Тобуруокап
[Тыһы көҕөн] утары олордоҕуна, хараҥатыҥы кугдархай түөһүн түүтэ, сааскы хагдаҥ окко олус маарынныыр. В. Тарабукин
Хара эбирдэрдээх кугдархай өҥө күөрэгэйи от, бурдук быыһыгар көстүмтүөтэ суох оҥорор. ББЕ З

богдой

богдой (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Санныгын ыгдатан кэтирээн көһүн. Казаться широким, имея приподнятые плечи
Кырдьаҕас санна богдойон олороро, илиилэрэ титирэстииллэрэ. В. Гаврильева
Улахан баҕайы хагдаҥ эһэ харааран богдойон турар эбит ээ! Н. Габышев
Биир богдойбут сонноох киһи саатын тута сылдьар. Л. Попов