Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кылырдас

кылырдаа диэнтэн холб. туһ. [Оптуобуска] арай билиэт биэрэр аптамааттар харчы тыаһынан кылырдастылар. Н. Лугинов
Сэрии бүтэн, кубарыйбыт гимнастеркалаах дьоннор мэтээллэрэ кылырдаһан кэлитэлээн барбыттара. «ХС»
Үүннэр тимирдэрэ кылырдастылар, ыҥыырдар кыычыгырастылар. А. Фадеев (тылб.)


Еще переводы:

тоһурҕаһыы

тоһурҕаһыы (Якутский → Якутский)

тоһурҕас диэнтэн хай
аата. Ийэ дойду диэтэхтэринэ, …… Сороххо көстөрө буолуоҕа Чалбахха устар хараабыллар, Ыскакаалкалаан тоһурҕаһыы. МЛФ АҮө
Муусука улам түргэтээн иһэр тыаһыгар шпоралар кылырдаһаллара уонна адъютант имигэс, түргэн атахтарын тоһурҕаһыылара доҕуһуолласпытынан бардылар. Л. Толстой (тылб.)

кыычыгырас

кыычыгырас (Якутский → Якутский)

I
кыычыгыраа диэнтэн холб. туһ. Ол буруону быыһынан трамвайдар кыычыгыраһа сыылаллар. ЛБС
Чугас хара кириэстээх тааҥкалар тиһиликтэринэн кыычыгыраһан кэлбиттэрэ. ССС
Үүннэр тимирдэрэ кылырдастылар, ыҥыырдар кыычыгырастылар. А. Фадеев (тылб.)
II
даҕ. Биир күдьүс уһуннук иһиллэр синньигэс тыастаах (аалсыыттан тахсар тыас туһунан). Производящий долгий, протяжный скрипучий звук, скрипучий
Хайыһарын тыаһа, муус буолбут курдук кыычыгырас. Суорун Омоллоон
Эргийбитэ-урбайбыта кыычыгырас оронугар. С. Тарасов
Манна туппут күргэлэрэ намчы соҕус буолан, орудиелар туоруулларыгар кыычыгырас. К. Симонов (тылб.)