Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кытарыктый

туохт. Кыһыллыҥы өҥнөн; кыһыллыҥы толбоннуран көһүн. Отливать красным цветом; алеть, пламенеть
Сыана түгэҕэр кытарыктыйа, долгуннура турар кыһыл бүлүүс быыһы арыйан, Поль Робсон тахсан кэлэр. С. Тарасов
Уот сүүнэ улахан күөс саҕа буола күлтэйэн, кытарыктыйан олорбута. Д. Таас
Сарсыарда кытарыктыйар саһарҕа этиэхтэн кэрэ этэ! М. Прилежаева (тылб.)


Еще переводы:

көөһөлдьүй

көөһөлдьүй (Якутский → Якутский)

көөһөй диэнтэн арыт
көстүү. Ойуур иһиттэн, кытарыктыйан көстөр түүлээх эһэ тахсан кэлэн, үрэх диэки аа-дьуо хааман көөһөлдьүйэн истэ. В. Протодьяконов
Чугас тыа кэтэҕинээҕи ыаллыы алаас диэкиттэн иккис оҕус айаатаамахтаата, көөһөлдьүйэн утары иһэрэ көһүннэ. ГКН МҮАа