даҕ.
1. Ыарыыны үтүөрдэр, оһордор кыахтаах. ☉ Лекарственный, целебный, целительный, лечебный (напр., о воздухе)
Эти-хааны дьэгдьитэр Эмтээх салгын үрбүтэ, Көмүс өҥнөөх долгунум Күдээрийэ түспүтэ. Күннүк Уурастыырап
Онно кини [саха омуга] кыргыстаах да, эйэлээх-иллээх да олоҕун арахсыспат аргыһа, миинэр миҥэтэ, эмтээх аһа, таҥнар таҥаһа — сылгыта — муус куйаар дойдуга тиийэ кэлистэҕэ. КДьА
Кытаҕастыы хам ылларбыт Кыыс оҕо сэбиргэҕэ Эмтээх иннэ укуолунан, Эдэр быраас көрүүтүнэн ыраастана оҕустаҕа, Ылыҥ, көрүҥ тоҕо баҕас кэрэтэй! С. Васильев
2. Кимиэхэ, туохха эмэ туһалаах. ☉ Полезный в каком-л. отношении
Ыт сааҕа бииргэ эмтээх диэбиккэ дылы (өс ном.). Сахаларга «кур ыт сааҕа курдуурга эмтээх» диэн өс хоһооно баара. ФГЕ ӨӨСҮҮ. Ити алгыс тыллар Н.Е. Мординов курдук талааннаах суруйааччыларбытыгар туох эмэ эмтээх буолбут буолуохтаахтар. ЧКС ОДЬКИи
3. эргэр. Кимиэхэ, туохха эмэ сыһыаннаах. ☉ Имеющий отношение к чему-л. [— Эт эрэ, таабырыныҥ] туохха эмтээҕий? — Барымайга бары эмтээх. ПЭК СЯЯ
[Бу таабырын] аһыыр аска эмтээх, [оттон бу] — сүүрэр атахтаахха эмтээх. ПЭК СЯЯ
◊ Эмтээх бадараан көр бадараан
Манна баар: туус, уоттаах хайа, кырааскалаах хайа, таас туус хайа, эмтээх бадараан, таас чох! И. Данилов
Эмтээх бырыы — эмтээх бадараан диэн курдук (көр бадараан). Туус үллэр сирин аттыгар эмтээх бырыылаах күөллэр бааллар. И. Данилов
«Оҕолоор, — диэтэ учуутал, — эмтээх бырыы арамачыыс ыарыыны эмтиир». «ХС». Эмтээх оттор (үүнээйилэр) — ыарыыны тохтоторго, ыарыһаҕы үтүөрдэргэ көмөлөөх оттор (үүнээйилэр). ☉ Лекарственные растения
[Уот Хойостоон] араас эмтээх оттору билэр курдук кэпсиирэ уонна таба муоҕун ханнык эрэ үүнээйини кытта бииргэ мэлийэн, үчүгэй лэппиэскэни, хааһыны оҥоробун диир буолара. Амма Аччыгыйа
Кини сүрэҕэ ыалдьара. Ол ыарыытыттан эмтээх оту оргутан, ол уутунан эмтэнэрэ. Суорун Омоллоон
Биһиги тыаларбытыгар сир араас астара, эмтээх үүнээйилэр үүнэллэр. Ол иһин биһиги тыаны өссө ордук күндүтүк саныыбыт. «Кыым»
Хиимийэ уонна биология кафедрата Саха сиригэр үүнэр эмтээх үүнээйилэри, сүөһү аһылыга буолар оттор химическэй састааптарын үөрэтэрэ. «ХС». Эмтээх уу — үксүгэр сир анныгар үөскүүр, көннөрү уутааҕар үрдүк тэмпэрэтиирэлээх, киһи доруобуйатыгар туһалаах миньэрээллээх уу. ☉ Минеральные воды
Дьиктитэ диэн бу чакыр таас быыһыттан тыга сытар эмтээх уу бэйэтэ кыһынын тоҥмот. Багдарыын Сүлбэ
Кулаар уонна Ньурба бөһүөлэктэрин чугастарыгар эмтээх уулар бааллар. «Кыым»