Якутские буквы:

Якутский → Русский

кэбэхтээ=

разг.: оту охсон кэбэхтээ= накосить очень много сена; аһаан кэбэхтээ= есть много, жадно.

Якутский → Якутский

кэбэхтээ

туохт., сөбүлээб. Сиэрэ суох элбэҕи суох оҥор, мэлит, эс (хол., сиэн-аһаан эбэтэр кырган). ☉ Уничтожать, истреблять кого-что-л.; обрекать кого-л. на гибель в огромном количестве (напр., съедая или убивая)
Дьоно олус үгүстүк булду-аһы өлөрөн кэбэхтээн, киирэн үөрдэхтэринэ-көттөхтөрүнэ кинилэр үөрүүлэрин үллэстибэт буолара. Далан
Киһи бөҕөнү кэбэхтээбит Германияттан иэс иэстээн, Дойду-дойдуну сэриилээбит Буруйугар суолун ирдээн Туруннубут. Дьуон Дьаҥылы. Түөкүн дииргин ылынабын. Кырдьык сүүрбэ сылы быһа эн уоран кэбэхтиир байтаһынын этиттэн сиэтим ини, сиэбэтим ини… Эрилик Эристиин
[Оҕус] сүрэх чаалыйыах күөх отун күнү быһа тэпсэн туран кэбэхтээтэ. С. Федотов
ср. монг. хэвег ‘шелуха; мякиш; отруби’


Еще переводы:

күрдьүөтэс

күрдьүөтэс (Якутский → Якутский)

көр күрдьүөттэс
Икки атыыр оҕус чугасыһан, күрдьүөтэһэн эрэллэр. Н. Заболоцкай
Аастуор, аһас дьоҥҥо маарыннаахтык, Алаас күөх отун амтаннаахтык Кэбэхтии-кэбэхтии, ол сүөһүлэр, Киҥнэрэ холлон, күрдьүөтэстилэр. М. Тимофеев

кэбэхтэн

кэбэхтэн (Якутский → Якутский)

кэбэхтээ диэнтэн атын
туһ. Киһи бөҕө кэбэхтэннэ, Сэрии бөҕө сэймэктэннэ, Хамаанда бөҕө хампарыйда. Өксөкүлээх Өлөксөй
Чугаһынан мас-от ордубатах, сир-дойду бүтүннүү үлтү кэбэхтэммит. «ХС»

аһас

аһас (Якутский → Якутский)

I
аһаа диэнтэн холб. туһ. Тукаам, кэл сиэ, ыл, Ыстапаан, аһас. А. Софронов
Хоноһо суоҕар Александр киэһэ-сарсыарда остуолга кэлэн асаһара. М. Доҕордуурап
Дьиэлээх дьукаах эмээхсиннэрин уһугуннарбакка, аһы бэйэтэ бэлэмнээн, уолун кытта бииргэ асаһан баран утуйар. Дьүөгэ Ааныстыырап
II
даҕ. Элбэҕи аһыыр кыахтаах, аһыырын сөбүлүүр. ☉ Способный, любящий много поесть
Булчуттар наһаа аһаспыт суох, моҕус киһи кыайан хаампат, сэниэтэ сотору эстэр. И. Гоголев
Аҕам аһас киһиэхэ Ас-үөл дэлэй биһиэхэ Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар, Көрдөһөбүт ыалдьыттааҥ! С. Данилов
Аас-туор, аһас дьоҥҥо маарыннаахтык, Алаас күөх отун амтаннаахтык Кэбэхтии-кэбэхтии ол сүөһүлэр, Киҥнэрэ холлон, күрдьүөтэстилэр. М. Тимофеев