I
аһаа диэнтэн холб. туһ. Тукаам, кэл сиэ, ыл, Ыстапаан, аһас. А. Софронов
Хоноһо суоҕар Александр киэһэ-сарсыарда остуолга кэлэн асаһара. М. Доҕордуурап
Дьиэлээх дьукаах эмээхсиннэрин уһугуннарбакка, аһы бэйэтэ бэлэмнээн, уолун кытта бииргэ асаһан баран утуйар. Дьүөгэ Ааныстыырап
II
даҕ. Элбэҕи аһыыр кыахтаах, аһыырын сөбүлүүр. ☉ Способный, любящий много поесть
Булчуттар наһаа аһаспыт суох, моҕус киһи кыайан хаампат, сэниэтэ сотору эстэр. И. Гоголев
Аҕам аһас киһиэхэ Ас-үөл дэлэй биһиэхэ Кэлиҥ, күндү ыалдьыттар, Көрдөһөбүт ыалдьыттааҥ! С. Данилов
Аас-туор, аһас дьоҥҥо маарыннаахтык, Алаас күөх отун амтаннаахтык Кэбэхтии-кэбэхтии ол сүөһүлэр, Киҥнэрэ холлон, күрдьүөтэстилэр. М. Тимофеев