Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кэлтэйдии

сыһ.
1.
кэлтэгэйдии диэн курдук. Күн уота кэлтэйдии тыган, куула тыа …… олус ырылхайдык …… көһүннэ. Далан
Биһиги дьоннорбут ардыгар олоҕу кэлтэйдии көрөллөр. И. Федосеев
Анараа дьоно суох боппуруоһу кэлтэйдии быһаарар сатаммат. «ХС»
Бэркэ ытыктыыр кырдьаҕастара хаайдахтарына, арааһа, соруйан арыый кэлтэйдии ытар түбэлтэлэрэ бааллар быһыылаах. «ХС»
2
кэлтэй II диэн курдук. Кэлтэйдии наар ыйыталаһааччы кини буолла. «ХС»
[Дьахталлар] тугу да туолкалаан билбэт эрээри, киһини кэлтэйдии хайгыыллар. А. Кривошапкин (тылб.)


Еще переводы:

халдьы

халдьы (Якутский → Якутский)

сыһ. Көнөтө суохтук, кэлтэйдии, туора. Косо, мимо (ходить)
Халдьы барда. ПЭК СЯЯ
Хабдьы чахчы хаадьылаан: «Халдьы барыҥ!» — Аа-аа-аай! Күннүк Уурастыырап
Иччитэ ытын ыҥыра-ыҥыра халдьы соҕус сискэ тахсан барда. В. Миронов
Бу сырыыга сэнэрээттэр арыый халдьы соҕус эститэлээтилэр. С. Никифоров

эмтэччи

эмтэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Аҥаар өттүттэн кэлтэйдии, аҥаар кырыытыттан ойо быспыт курдук (сиэ, салаа — уоту этэргэ). Неровно, с полукруглой выемкой с одной стороны, с одного бока (напр., опалять, обжигать — о пламени)
Ол ону [сири] билигин арҕааттан Өрт баран эмтэччи салаата, Түүннэри көрөбүн, халлаантан, Уот тыла балтаҥныы хамсаата. С. Васильев