Якутские буквы:

Якутский → Якутский

кэрийтэр

кэрий диэнтэн дьаһ
туһ. Чугас эргин сэби-сэбиргэли барытын, чугастааҕы тыаны-ыыры ордорбокко кэрийдилэр, кэрийтэрдилэр да, кыыс көстүбэтэ. Р. Кулаковскай
Бүөтүргэ сырыттым, сэттэлээх мэниктэник, чобуо кыыһынан бүтүн уопсай дьиэ ыалын барытын кэрийтэрдэ да — биир да ыал кууруссата сымыыттыы илик эбит. Н. Габышев
Кинээстэрэ …… икки киһини ыытан [үүнүүлээх сири] кэрийтэрэн, бэйэтин уонна аймахтарын туһаларыгар кыра дьон отторун быстартаан ылбыт. Эрилик Эристиин


Еще переводы:

мэник-тэник

мэник-тэник (Якутский → Якутский)

даҕ. С ы т ы ы - х от у у, к э л б и т - б а р б ы т ( үксүгэр оҕо туһунан). Шустрый, проворный, бойкий, шаловливый
Ыалбар Бүөтүргэ сырыттым, сэттэлээх мэник-тэник, чобуо кыыһынан бүтүн уопсай дьиэ ыалын барытын кэрийтэрдэ да, биир даҕаны ыал кууруссата сымыыттыы илик эбит. Н. Г абышев. Оҕолор бары, ол иһигэр араас мэ ник-тэник да уолаттар, Дмитрий Петровиһы наһаа убаастыыллара. НЕ ТАО
Оттомо суох, мэник-тэник оҕолор эбиттэрэ буоллар, этэргэ ды лы хоҥурууларыгар да хоҥнорботохторуна көҥүллэрэ эбит. ФЕВ УТУ