туохт. Сэрэхэчийэн быһаарыыта суох буол, туохха эрэ сөбүлэһэ охсума, саараҥнаа. ☉ Быть нерешительным, выжидать; не сразу соглашаться, сомневаться, осторожничать
«Син-биир кэлэн баран, тугун эмиэ кэтэмэҕэйдии сатаатахпытый», — Саарбалаахап хамсатын остуол кытыытыгар тэбээн, сиэбигэр угунна. Софр. Данилов
Сөбүлэһээри олорон кэтэмэҕэйдииллэр, толороору туран аккаастыыллар, оҥороору сылдьан саараталлар. Р. Баҕатаайыскай
Сорох уолаттар бэртээхэй албастары тиһэҕэр тиэрдэ оҥорботтор. Дук-дах тутталлар, кэтэмэҕэйдииллэр. «Кыым»
Эдэр диэн үчүгэй даҕаны! Эдэрдэр эрэ кэтэмэҕэйдээбэттэр, барыга барытыгар улгумнар. «ХС»
Якутский → Якутский
кэтэмэҕэйдээ
Якутский → Русский
кэтэмэҕэйдээ=
1) осторожничать; проявлять осмотрительность; 2) быть несговорчивым, упрямым, упрямиться.
Еще переводы: