аат. Сэрэхэчийэн, быһаарыыта суох буолуу, саараҥнааһын, чугуруҥнааһын. ☉ Нерешительность, чрезмерная осмотрительность, осторожность
Кини кыларыйан турар кырдьыгы туох да кэтэмэҕэйдээһинэ суох этэрин Кууһума саарбаҕалыы санаабатаҕа. Тумарча
Биһиги хаһыа да буолан туох да тутулуга, кэтэмэҕэйдээһинэ суох барарга быһаарыммыппыт. «ХС»
Саҥаны, бастыҥы олохтооһуҥҥа, саарбахтааһын, кэтэмэҕэйдээһин биир да түбэлтэтэ тахсыа суох тустаах. «Кыым»
Якутский → Якутский
кэтэмэҕэйдээһин
кэтэмэҕэйдээ
туохт. Сэрэхэчийэн быһаарыыта суох буол, туохха эрэ сөбүлэһэ охсума, саараҥнаа. ☉ Быть нерешительным, выжидать; не сразу соглашаться, сомневаться, осторожничать
«Син-биир кэлэн баран, тугун эмиэ кэтэмэҕэйдии сатаатахпытый», — Саарбалаахап хамсатын остуол кытыытыгар тэбээн, сиэбигэр угунна. Софр. Данилов
Сөбүлэһээри олорон кэтэмэҕэйдииллэр, толороору туран аккаастыыллар, оҥороору сылдьан саараталлар. Р. Баҕатаайыскай
Сорох уолаттар бэртээхэй албастары тиһэҕэр тиэрдэ оҥорботтор. Дук-дах тутталлар, кэтэмэҕэйдииллэр. «Кыым»
Эдэр диэн үчүгэй даҕаны! Эдэрдэр эрэ кэтэмэҕэйдээбэттэр, барыга барытыгар улгумнар. «ХС»
Якутский → Русский
кэтэмэҕэйдээ=
1) осторожничать; проявлять осмотрительность; 2) быть несговорчивым, упрямым, упрямиться.
Еще переводы: