даҕ. Айдааннаах, тыастаах-уустаах, сүпсүлгэннээх. ☉ Шумный, громкий, беспокойный
Күүстээх күйгүөннээх айан, Күүрээннээх күлүмэх көтүү буолла. П. Ойуунускай
Эҕирийэн баран эргиппэт Эриллэҕэс сүүрүктэрдээх, Күйгүөннээх күрүлгэннэрдээх. С. Зверев
Мин Вернери …… күйгүөннээх эдэрдэр ортолоругар көрсүбүтүм. М. Лермонтов (тылб.)
◊ Күйгүөннээх күүлэ фольк. — айдааннаах, күүгэннээх күүлэ. ☉ Шумные, гулкие сени
Олорор дьиэлэрэ буоллаҕына …… сэттэ эһэ тириитэ бүрүөлээх лип халҕан дьиэллээх, көҥүлүнэн үөскээбит күйгүөннээх күүлэлээх. ПЭК ОНЛЯ II
Сүүс бөдөҥ тиит күйгүөннээх күүлэ оҥоһуллубут, күүлэ сэргэ икки ардынан кычыгырыыр сымара таас муоста буолан хаалбыт. ПЭК ОНЛЯ I
Якутский → Якутский
күйгүөннээх
Еще переводы: