Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күлбэхтээ

күл I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Эмиэ да мөккүһэн күлүмэхтиир, эмиэ да сөбүлэһэн күлбэхтиир. Амма Аччыгыйа
Тула дьону ыйа-ыйа: «Холуннарбат атастар», — диир, Быарын тарбаан күлбэхтиир. Р. Баҕатаайыскай
«Тыый, доҕоруом, Ол акка наада буоллаххына, Ат да баар буолуо», — диэн дьахтар Күлүм-күлүм күлбэхтээтэ. ТТИГ КХКК


Еще переводы:

үһүүрбэхтээ

үһүүрбэхтээ (Якутский → Якутский)

үһүүр диэнтэн тиэт
көрүҥ. Үһүүрбэхтиир, күлбэхтиир ордук мэниктэрэ, тэбэнэттээхтэрэ, часкыйбахтаан, тыбыырбахтаан ылаттыыр. Амма Аччыгыйа

ымайбахтаа

ымайбахтаа (Якутский → Якутский)

ымай диэнтэн тиэт
көрүҥ. [Уолчаан:] «Көрүҥ эрэ, бу миигин! Кыһыл эриэн мээчикпин, Кырааскалаах көлөбүн. Ымсыыраҕыт дуо?» — дии-дии Ымайбахтыыр, күлбэхтиир, Ыстаҥалаан ылбахтыыр. Р. Баҕатаайыскай
Костя алларааттан мин диэки хантайан көрөн ылар, үөрэн ымайбахтыыр. С. Никифоров

дьиктикээн

дьиктикээн (Якутский → Якутский)

даҕ., поэт. Киһини сөхтөрөр, уһулуччулаах. Вызывающий восхищение, восторг, удивительный
Мин сирим дьиктикээн көмүс күөх буоругар Күн уотун күлүмэ күрүлүү саккырыыр, Мин күндү сибэкким уран уус ньууругар Күн уота күлбэхтээн мичиҥнээн ылбахтыыр. П. Ойуунускай
Хайыай? Көрүлээҥ …… кини [Лермонтов] суорума суолланна, Үйэлэр тухары утуйда Дьиктикээн гений күлүмэ умулунна, айхаллаах венок хагдарыйда. В. Чиряев

күлүмэхтээ

күлүмэхтээ (Якутский → Якутский)

туохт.
1. Тугу эмэ наһаа түргэнник оҥорон кэбис. Делать что-л. очень быстро, стремительно, молниеносно
[Степан Сон] үлтү барчалаан, күлүмэхтээн түһэн, утарылаһааччыны эрэ барытын ууга-уокка киллэрэр тустуулаах бөҕөс. Хапсаҕай
2. Омуннаахтык саҥар-иҥэр, эт-тыын. Говорить возбужденно, с горячностью
Эмиэ да мөккүһэн күлүмэхтиир, эмиэ да сөбүлэһэн күлбэхтиир. Амма Аччыгыйа

ылбахтаа

ылбахтаа (Якутский → Якутский)

ыл I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Тахсарын кытта сарсыардатааҕы дьыбар Уйбаан сырайын үмүрү ылбахтаата. А. Софронов
Мин күндү сибэкким уран уус ньууругар Күн уота күлбэхтээн мичиҥнээн ылбахтыыр. П. Ойуунускай
Улуу Лена, эмиэ эҕэрдэлээн, Уутун эҥсэн ылбахтаата. Күннүк Уурастыырап
Матасыыкыллар көлөһөлөрө халтарыйан, ньылбы тэбинэн ылбахтыыллар. П. Аввакумов