Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күлүмэхтээ

туохт.
1. Тугу эмэ наһаа түргэнник оҥорон кэбис. Делать что-л. очень быстро, стремительно, молниеносно
[Степан Сон] үлтү барчалаан, күлүмэхтээн түһэн, утарылаһааччыны эрэ барытын ууга-уокка киллэрэр тустуулаах бөҕөс. Хапсаҕай
2. Омуннаахтык саҥар-иҥэр, эт-тыын. Говорить возбужденно, с горячностью
Эмиэ да мөккүһэн күлүмэхтиир, эмиэ да сөбүлэһэн күлбэхтиир. Амма Аччыгыйа


Еще переводы:

күлүмэхтэс

күлүмэхтэс (Якутский → Якутский)

күлүмэхтээ диэнтэн холб. туһ. Ол тустан күлүмэхтэһэ сырыттахтарына, Г. Попов өттүктээн кууһуннарда. «Кыым»

күлүмэхтии

күлүмэхтии (Якутский → Якутский)

көр күлүмэхтик
Өр турбут, аһаабыт, сынньаммыт, бугуһуйбут буурдар, тыаны быыһынан өрөгөйдөөх үөрүүлээх күлүмэхтии көтүтэ турдулар. В. Протодьяконов

күлүмэхтэһии

күлүмэхтэһии (Якутский → Якутский)

күлүмэхтэс диэнтэн хай
аата. Хардары-таары бырахсыы, күлүмэхтэһии, араастаан киирии-тахсыы уопуттаах маастар Киселев туһатыгар бүттэ. «Кыым»

күлүмэхтэн

күлүмэхтэн (Якутский → Якутский)

күлүмэхтээ диэнтэн бэй
туһ. Тула мустан турар дьон диэки …… тоҥхолдьуйбахтаат, локомобиль диэки муҥ кыраайынан сүүрэн күлүмэхтэнэ турда. Г. Нынныров
«Кимким?» — дьахтар саҥаран күлүмэхтэнэ туран харан ылла, онтон дьэ өрүһүнэн кутта-симнэ. Е. Неймохов

күлүмэхтэт

күлүмэхтэт (Якутский → Якутский)

күлүмэхтээ диэнтэн дьаһ
туһ. Актыып мунньаҕар Сүөдэр Сүөдэрэбиһи эдэр оробуочай Сэмэн Сиидэрэп, толлубакка кириитикэлээн күлүмэхтэттэ. «ХС»
Үһүс эргииргэ олох сэниэтэ эстэн хаалбыта, атахха киирэрэ, миэлиҥсэлиирэ, өттүктүүрэ бастакы омунугар курдук түргэнник күлүмэхтэтэрэ мэлийбитэ. «ХС»

күлбэхтээ

күлбэхтээ (Якутский → Якутский)

күл I диэнтэн тиэт
көрүҥ. Эмиэ да мөккүһэн күлүмэхтиир, эмиэ да сөбүлэһэн күлбэхтиир. Амма Аччыгыйа
Тула дьону ыйа-ыйа: «Холуннарбат атастар», — диир, Быарын тарбаан күлбэхтиир. Р. Баҕатаайыскай
«Тыый, доҕоруом, Ол акка наада буоллаххына, Ат да баар буолуо», — диэн дьахтар Күлүм-күлүм күлбэхтээтэ. ТТИГ КХКК