сыһ. Бэйэҕинэн хаххалыы (тур, олор). ☉ Закрывая, заслоняя что-л. собой или чем-л. (стоять)
Ол эрэйдээх көҥөһө диэн дэлэҕэ дуо, көхсүнэн күлүктүү олорбут. П. Ойуунускай
Тогойкин — күлүктүү туттан туран икки үүтү, икки-үс собону харбыалаан ылан үрүсээгэр бырахпахтаата. Амма Аччыгыйа
[Кууһума:] Ээ, кинини этэр буоллаххына, кини суох. [Күлүктүү турар]. Суорун Омоллоон
Якутский → Якутский
күлүктүү
күлүктээ
туохт. Күн уотун быһаччы түһэримэ, күлүктэ түһэр, хаххалаа. ☉ Затенить, затемнить, заслонить когочто-л.
Былыт-былыт улахан буоллаҕа эбээт, оннооҕор күнү күлүктүүр, сири эмтиир, оту-маһы уоҕурдар. П. Ойуунускай
Күнү быстах былыт күлүктүүр, буочука мүөтү ньуоска сымала буортулуур. Амма Аччыгыйа
Бу билигин даҕаны улахан сарай күлүктээн, Муссерен хараҕар көстүбэт буолан, олороллор, ол да иһин бары кэпсэтии бэрт сэрэхтээх эбит. Эрилик Эристиин
Якутский → Русский
күлүктээ=
затенять, затемнять, заслонять; күнү күлүктээ = заслонить солнце.
Еще переводы: