Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күрдүргэс

I
күрдүргээ диэнтэн холб. туһ. Дьиэ кирилиэһин үрдүгэр турар хоруудалаах эмээхсин сибиинньэлэри ыҥырара, олор бары биир куолаһынан хардаран күрдүргэһэллэрэ. А. Пушкин (тылб.)
II
даҕ. Күрдүргээн иһиллэр, күрдүргүүр. Хриплый, сиплый
[Оҕонньор] күрдүргэс күөмэйинэн аҕылаан биэрэн, ылланар ырыаҕа сөптөөх муусука буолан холбосто. Эрилик Эристиин
[Эһэлэр] арҕастарын түүтэ адьырыспыт, көхсүлэрин тыаһа бииргэм күрдүргэс. М. Чооруоһап
Мүнүүтэ буолаат, күрдүргэс саҥа иһилиннэ. А. Чехов (тылб.)


Еще переводы:

аалылын

аалылын (Якутский → Якутский)

аал диэнтэн атын. туһ. Аалыллыбыт сүгэ. Быа быһа аалыллыбыт. Аалыллыбыт алтанныы кылбайар
Кини [Хачыгыр] талкытын айгыраабыт кулугута аалыллан, элэйбит сыппах тиистэрэ хабырынан уонна онно эбии арҕахтаах күрдүргэс күөмэйинэн аҕылаан, ынчыктаан биэрэн — бу бары холбоһоннор ыар муусука буоллулар. Эрилик Эристиин
Никита элбэх киһи аалыллан элэйбит түннүк сэҥийэтин ытыһынан имэрийэн ылла, иэдэһинэн сыһынна. Н. Лугинов