даҕ.
1. Ыараханы кыайар, олус кыайыгас. ☉ Физически сильный, с неослабевающей мощью, осиливающий всякую работу
Адамов олус кытыгырас, күүстээх-уохтаах уонна доруобай, тулуурдаах буолан, өлүүттэн өрүһүллүбүтэ. И. Бочкарев. Кэлиҥ даа, көччөх гынан көтүппүт Күүстээх-уохтаах уолаттарым, Күн сиригэр дьол иһин төрөппүт Күндү көмүс оҕолорум! И. Егоров
Кини бу күүстээхуохтаах эдэр киһиттэн улаханнык дьааххана саныыр быһыылааҕа. А. Сыромятникова
2. Элбэх баайдаах-дуоллаах, бэйэтигэр эрэмньилээх, элбэх сэрииһиттэрдээх, үчүгэй сэбилэниилээх (судаарыстыба, оннук судаарыстыбаҕа олорор норуот туһунан). ☉ Богатый, уверенный в себе, обладающий мощными вооруженными силами (об отдельном народе или государстве)
Бу Улуу өрүс эҥээригэр иитиллибит дьон олоҕо даҕаны, санаата даҕаны чыҥха атын, күүстээх-уохтаах буолаллар эбит. П. Ойуунускай
Күөх дириҥ далайга, Күүгүн-хааҕын балкыырга Көмүллэн өлүөм кэриэтин Күүстээх-уохтаах саарыстыбам Күргүөм үгүс норуоттуун Күдэн буолан көттүн, Күл буолан сүттүн! Эллэй