Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күөннээ

туохт. Оонньууга киирсэр харчыгын ук, туруор (сүүйүүлээх оонньууга). ☉ Выставлять на кон (деньги).


Еще переводы:

күөннэн

күөннэн (Якутский → Якутский)

күөннээ диэнтэн бэй
туһ. Ол кэлэн онтон-мантан иэс ылан күөннэнэн оонньоон, дэлби сүүйдүм. «ХС»

нэгэй

нэгэй (Якутский → Якутский)

  1. даҕ. Киһи кэлэйиэн, сиргэниэн курдук куһаҕан. ☉ Низкий, дурной, отвратительный (о ком-л.)
    [Женя] көрдөххө бэрт киһи буолан баран, иһэ хайдах бачча быдьар, нэгэй баҕайыный? В. Яковлев. Билигин кэлэн, киһи өйө-санаата сайдыбыт кэмигэр, …… уопсай интэриэскэ үлэлии сылдьан иирсэртэн ордук нэгэй быһыы суох эбээт. М. Д оҕордуурап
  2. аат суолт. Туох да сиэрэ суох, ку һаҕан майгылаах киһи. ☉ Дурной, низкий, отвратительный человек
    Ымсыы, көҥөс дьон былыр да, быйыл да баар буоллахтара дии. Дьон нэгэйдэрэ. И. Семёнов
    Махтаныы — күүстээхтэр сэмэй быһыылара, махтаммат буолуу — нэгэйдэр бэрдимсийиилэрэ. ПБН КСКТ
    Кыһыыта, абалааҕа баар, маннык нэгэйдэр туох да буойуута-хаайыыта суох көҥүл күөннээн-күөнэхтээн сылдьаллара. «Чолбон»
    ср. русск. негодяй ‘негодный, скверный, плохой человек’