негодный, дурной, скверный; нэгэй киһи негодный человек.
Якутский → Русский
нэгэй
нэк
1) изношенные одежда или одеяло на заячьем меху; 2) старая, облезлая меховая одежда; нэк саһыл тыһа бэргэһэ облезлая шапка из лисьих лапок.
Якутский → Якутский
нэгэй
- даҕ. Киһи кэлэйиэн, сиргэниэн курдук куһаҕан. ☉ Низкий, дурной, отвратительный (о ком-л.)
[Женя] көрдөххө бэрт киһи буолан баран, иһэ хайдах бачча быдьар, нэгэй баҕайыный? В. Яковлев. Билигин кэлэн, киһи өйө-санаата сайдыбыт кэмигэр, …… уопсай интэриэскэ үлэлии сылдьан иирсэртэн ордук нэгэй быһыы суох эбээт. М. Д оҕордуурап - аат суолт. Туох да сиэрэ суох, ку һаҕан майгылаах киһи. ☉ Дурной, низкий, отвратительный человек
Ымсыы, көҥөс дьон былыр да, быйыл да баар буоллахтара дии. Дьон нэгэйдэрэ. И. Семёнов
Махтаныы — күүстээхтэр сэмэй быһыылара, махтаммат буолуу — нэгэйдэр бэрдимсийиилэрэ. ПБН КСКТ
Кыһыыта, абалааҕа баар, маннык нэгэйдэр туох да буойуута-хаайыыта суох көҥүл күөннээн-күөнэхтээн сылдьаллара. «Чолбон»
ср. русск. негодяй ‘негодный, скверный, плохой человек’
нэк
- аат. Кылаана бүтэн эргэрбит тирии. ☉ Истёртый, изношенный мех
Атах ороҥҥо Мүлдьү уол нэк быыһыгар мас ынахтарынан оонньуу олорор. Суорун Омоллоон
Үтүлүгүн иһин нэгин быһыта тыытан ыла-ыла, бааһын бүөлүү туттумахтаата. А. Сыромятникова
△ Эргэрбит тирии таҥас-сап (хол., сон, суорҕан). ☉ Старая изношенная вещь на меху (напр., пальто, одеяло)
[Балбаара] кини сээкэй нэги холбоон, хохто буолан хаалбыт эргэ хомуһуол сонун дуомун хаҥатынан, урут таһырдьа Ньукулай үлэлиир үлэтин бэйэтэ үлэлиир буолла. Уустаах Избеков - даҕ. суолт. Кылаана бүтэн эргэрбит, илдьирийбит (түүлээх таҥаһы-сабы этэргэ). ☉ Истёртый, изношенный (о мехе)
Микиитэ …… ньылбы сытыйбыт торбос ыстаанын сиргэ тэбэн кэбистэ да, нэк суо рҕанын ан ныг ар кии рэ н хаалла. Амма Аччыгыйа
Байбал нэк бэргэһэтин, күтүр улахан сылгы үтүлүгүн кэтэн барда. Күндэ
Илдьиркэй тоҥолохтоох куобах өрөҕөтө нэк сонум итиини соччо иҥэриммэт. В. Чиряев
ср. бур. нэхы, нэхэй ‘меховой, длинношёрстный, мохнатый’, монг. нэкэй ‘овчина, овечья шкура’
◊ Нэк буол — элэйэн, аалыллан, кылааныҥ бүтэн эргэр (түүлээх таҥаһы этэргэ). ☉ Быть изношенным, истёртым (о мехе, об одежде на меху). Нэк буолбут соммун кэттим
Еще переводы: