Якутские буквы:

Якутский → Якутский

күөргэллээ

туохт.
1. Була сатыы-сатыы хаһыс, үрэйэ сатаа. Свергать, низвергать, сбрасывать кого-л.
Ыраахтааҕыны күөргэллии сатыыр эбиттэр. «ХС»
2. көсп. Сири көбүтэн, сахсатан биэр. Вскапывать и разрыхлять (почву)
Икки үлэһит сибэкки олордоору буору күөргэллииллэр. «ХС»


Еще переводы:

күөргэллэс

күөргэллэс (Якутский → Якутский)

күөргэллээ 1 диэнтэн холб. туһ. Кунаахаптар, Кубаачалар, араастар — Былаас дьаһалын утарсан, …… Күлүктэн күлүккэ күүтүһэллэрин, Көйө хаһан күөргэллэһэллэрин Көрөн-көрөн Көмөр хара хараҕым чэрдийдэ. С. Васильев

төгүрүтүн

төгүрүтүн (Якутский → Якутский)

төгүрүт 1 диэнтэн бэй
туһ. Былыр саас үйэ тухары Саха оҕонньотторо, Төһөлөөх эмэ сыра күүһүнэн Төҥүргэс тулатын чүөччэрдээн, Уйан баһымньы биитинэн Улуу буору күөргэллээн — Дүөдэ кытыытыгар Түөн оннун саҕаны төгүрүтүнэллэрэ. С. Васильев

чобуо

чобуо (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Санаатын иҥнибэккэтоллубакка этэр, сытыы-хотуу, килбигэ, толлугаһа суох. Бойкий, шустрый, резвый
Бу быраатым Бытааны уолчаана олус чобуо оҕо. И. Гоголев
Маайа …… урукку чобуо бэйэтэ сыппаан, хаҥыл бэйэтэ сымнаан, кэнэн баҕайытык туттан олорор. Н. Якутскай
Маннык чобуо оҕону эмээхсин үйэтигэр көрө илик. «ХС»
Сытыы, хотуулаах, суустаах (тыл). Острый, язвительный (о слове)
Дьүкээбил [киһи аата] тыаттан мас сүгэн иһэрин көрөн, ханнык эрэ чобуо тыллаах, аһаҕас айахтаах уолчаан: «Дьүкээбил, бу тугуҥ маһын сүктүҥ?» — диэн ыйытта. Н. Якутскай
Үөннээхтик көрбүт харахтаах, чобуо тыллаах-өстөөх, мэлдьи албыннык мичээрдиир киһи. В. Протодьяконов
Хотун наһаа кыыһырда, …… ордук чобуо тыллаах кыыска абарда, баран баттаҕыттан соһуон санаата. «ХС»
2. көсп. Сытыы биилээх, уһуктаах төбөлөөх (хол., быһах); уһуктаах уһун сытыы тумустаах (хол., көтөрү этэргэ). Острый, отточенный, остроконечный (напр., нож); с острым, длинным клювом (о птицах)
Уран ойууттан дьиэ сэргиир, Ыраахтан көстөр ол ойуу Суруллубут дьиэни симиир Чобуо өтүйэ тойугунуу. С. Данилов
Чуоҕур-эриэн тоҥсоҕой Чобуо тумса тобуйда. Күннүк Уурастырап. Дьэ эрэ, Чобуо хойгуом, Чоной эрэ, Чокуллуо буору Тоҕута күөргэллээн! С. Васильев
Мин чобуо сүгэм аттыбар Миигин күүтэр тэһийбэттии. Чэчир-80
ср. тув. шоваа ‘бойкий (ловкий, живой)’, монг. цовоо ‘смышлёный, проворный’