Якутские буквы:

Якутский → Якутский

көппөрөҥнөс

көппөрөҥнөө диэнтэн холб. туһ. Сылгылар оту-маһы хачыр-ичир барчалаан, үрүө-тараа көппөрөҥнөстүлэр. Л. Габышев
Аа-дьуо аһыы турбут халыҥ үөр бүтүннүү аһыылара килбэҥнэһэн күн аннын диэки куотан көппөрөҥнөһөллөр мамоннар. ГКН МҮАа


Еще переводы:

көппөрөҥнөһүү

көппөрөҥнөһүү (Якутский → Якутский)

көппөрөҥнөс диэнтэн хай
аата. Ыттар үрэн ньаҕыйыы, арҕастарын түүтүн туруоратуруора көппөрөҥнөһүү бөҕө. Айталын

көҥкүнэт

көҥкүнэт (Якутский → Якутский)

туохт. Дуораһыйар сөҥ, суон, хойуу куоласкынан саҥар, ыллаа, хаһыытаа. Говорить, петь, кричать раскатистым, гулким басистым голосом. Кини ыллаан көҥкүнэтэн бардаҕына, дьиэ иһигэр долбуурга турар таас иһит-хомуос биир кэм лыҥкыныы олорор буолара. Саха сэһ
1977
Борохуот эмискэччи сүр сөҥнүк бааҕынаан көҥкүнэппитигэр Антонида уһуктан кэллэ. Е. Неймохов
Аарыма мамонт [уу оҕуһа] көҥдөй турбаны үрэр курдук …… көҥкүнэппитигэр, аа-дьуо аһыы турбут халыҥ үөр бүтүннүү …… күн аннын диэки куотан көппөрөҥнөһөллөр. ГКН МҮАа