аат., эргэр. Элбэх дьон мустан көрүлүүрэ-оонньуура; элбэх дьонноох көр-нар буола турар сирэ. ☉ Многолюдное веселье; место, где происходит многолюдное веселье
Сир симэҕинэн сириэдийбит күөх алааска күрүөх дьоно мустан көхтөөхтүк көрүлүүр, ыллыыртуойар, үҥкүүлүүр-көччүйэр. И. Данилов
[Саха урааҥхай] Көрдөөх күрүөҕү күөдьүтэригэр [хомус] Хоҥкунас ырыаҕынан Хоһооннорун Холлотоор, Кэҕэ чуораан тойуккунан Кэпсээннэрин кэҕэһирдээр! Өксөкүлээх Өлөксөй
[Ыһыахха] Түһүлгэҕэ төгүрүстүлэр Күрүөххэ көрүлэстилэр. ГНА ТС
◊ Күрүөх билэ дьон — туох эмэ уопсай сыаллаах-соруктаах, өрүү алтыһар, чугас дьон. ☉ Постоянно общающиеся близкие люди, имеющие общий интерес, общее дело
Күрүөх билэ дьоммор Күндү көҥүл олоҕу Күөйэ көтөн ылан Көтөллөнөн көстүөм. Саха нар. ыр. III
Күүскэ үлэлээбит, көлөһүн-балаһын аллыбыт, килэпэчиспит-ньалҕарыспыт күрүөх билэ дьон сынньалаҥар араас эйэргэһии, көрдөөх саҥа баар буолаллар. Амма Аччыгыйа
«Быһа көтөр» Сөдүөтү ат аттыгар үктэммэт гына оҥорон, көмүскэстээх санаалаах күрүөх билэ дьоннорум, көрөн көмүскээҥ. М. Доҕордуурап
МНТ гүр ‘общий, всеобщий’, калм. күр ‘множество народа, толпа’