государство.
Якутский → Русский
күрүөх
күрээ=
убегать, уходить (тайком); скрываться; түрмэттэн күрээ = убежать из тюрьмы; үлэттэн күрээ= уйтй с работы; күрээн сырыт = скрываться, быть в бегах; отлынивать (от работы).
Якутский → Якутский
күрүөх
аат., эргэр. Элбэх дьон мустан көрүлүүрэ-оонньуура; элбэх дьонноох көр-нар буола турар сирэ. ☉ Многолюдное веселье; место, где происходит многолюдное веселье
Сир симэҕинэн сириэдийбит күөх алааска күрүөх дьоно мустан көхтөөхтүк көрүлүүр, ыллыыртуойар, үҥкүүлүүр-көччүйэр. И. Данилов
[Саха урааҥхай] Көрдөөх күрүөҕү күөдьүтэригэр [хомус] Хоҥкунас ырыаҕынан Хоһооннорун Холлотоор, Кэҕэ чуораан тойуккунан Кэпсээннэрин кэҕэһирдээр! Өксөкүлээх Өлөксөй
[Ыһыахха] Түһүлгэҕэ төгүрүстүлэр Күрүөххэ көрүлэстилэр. ГНА ТС
◊ Күрүөх билэ дьон — туох эмэ уопсай сыаллаах-соруктаах, өрүү алтыһар, чугас дьон. ☉ Постоянно общающиеся близкие люди, имеющие общий интерес, общее дело
Күрүөх билэ дьоммор Күндү көҥүл олоҕу Күөйэ көтөн ылан Көтөллөнөн көстүөм. Саха нар. ыр. III
Күүскэ үлэлээбит, көлөһүн-балаһын аллыбыт, килэпэчиспит-ньалҕарыспыт күрүөх билэ дьон сынньалаҥар араас эйэргэһии, көрдөөх саҥа баар буолаллар. Амма Аччыгыйа
«Быһа көтөр» Сөдүөтү ат аттыгар үктэммэт гына оҥорон, көмүскэстээх санаалаах күрүөх билэ дьоннорум, көрөн көмүскээҥ. М. Доҕордуурап
МНТ гүр ‘общий, всеобщий’, калм. күр ‘множество народа, толпа’
күрээ
туохт. Кимтэн, туохтан эмэ уоран, саһан куот. ☉ Убегать, уходить тайком
Сылластыгас, кыһыллар куораты ыллахтарын күн саата да, туга да суох, ат буута быстарынан, муҥура тэстэринэн дойдутугар, Намҥа күрүүр. Н. Якутскай
Хамандыырдара Барашков, билигин киириэм диэн албыннаан тахсан, бэһиэ буолан, күрээбиттэр. И. Бочкарев. Александр Сергеев көмөтүнэн-сүбэтинэн барыта уонча киһи саллаакка барартан күрээбитэ. М. Доҕордуурап
ср. др.-тюрк. күрэ ‘бежать’
Якутский → Английский
күрээ=
v. to run away, flee; күрээдьэх n. runaway, fugitive
Еще переводы: