Якутские буквы:

Якутский → Якутский

көрүүчэй

аат., кэпс. Массыынаны үлэлэтэргэ туттуллар убаҕас оттук. ☉ Жидкое топливо для машин, двигателей
Көрүүчэй арааһа Көлүйэ муҥунан көһүннэ. Н. Степанов
Көрүүчэй күүһүнэн Көтөҕүллэн көттүбүт. Саха нар. ыр. III
Дьэ бу ылса-бэрсэ олорор ыкса ыалларбыт, массыыналарынан, көрүүчэйдэринэн абырыыллар эбээт. С. Руфов
— Чэ, көрүүчэйим төһөҕө тиэрдэр. Муҥ сатаатар арҕаа кытылга тиксэрим буоллар! — дии-дии, аттанна. И. Сысолятин
русск. горючее


Еще переводы:

суоллан

суоллан (Якутский → Якутский)

суоллаа диэнтэн бэй
туһ. Ити хайдах ол мас аннынан суолламмыттара эбитэ буолла? Амма Аччыгыйа
Хаһан үчүгэй суолланаммыт көрүүчэй дэлэй буоларын кэтэһэн кэтэхпит кэлтэйэр. «ХС»
♦ Суорума (сор) суоллан (соруктан, оҥоһуулан) көр суорума I
Төһөлөөх дьадаҥы дьон итинник сор суолламмыттара буолуой? А. Сыромятникова
Эн хос эһэҥ Мохсоҕол диэн бэрт быһый киһи үөскээн баран суорума суолламмыта үһү диэн дьон кэпсиирин истэбин. «ХС»