Якутские буквы:

Якутский → Якутский

лахах

лахах курдук к э п с. — с арбыйан кэбиспит курдук намыһах. Ни зкий, словно срезанный сверху (напр., о приземистой фигуре человека)
Кини лахах курдук уҥуохтаах, саллаҕар бастаах, лэһэгэр истээх, кылгас атахтаах. Л. Попов


Еще переводы:

лэһэгэр

лэһэгэр (Якутский → Якутский)

даҕ., кэпс. Лэһэйбит, сөбө суохтук улааппыт көстүүлээх (кыра киһи, ордук оҕо иһин этэргэ); лэһэйбит истээх (кыра киһини этэргэ). Большой, выпячивающийся, торчащий (о животе человека маленького роста, обычно ребёнка); с большим торчащим животом (о человеке маленького роста, ребёнке)
Кини лахах курдук уҥуохтаах, саллаҕар бастаах, лэһэгэр истээх, кылгас атахтаах. Л. Попов
Хара быарбын туһулаабытынан биир [саалаах] лэһэгэр кыра киһи субу ыган кэллэ. В. Чиряев

саллаҕар

саллаҕар (Якутский → Якутский)

даҕ. Саллайбыт быһыылаах, төбө өттүнэн ордук соноон тахсыбыт. Утолщающийся кверху (напр., о стоге сена) или имеющий утолщённый передний конец (напр., о лыжах). Биир кэбиһиилээх оппут саллаҕар буолбут. Саллаҕар быһыылаах хайыһар. / / Бэйэтигэр холоотоххо ордук улахан төбөлөөх. С несоразмерно большой головой (или головкой), большеголовый
Кини лахах курдук уҥуохтаах, саллаҕар бастаах, лэһэгэр истээх, кылгас атахтаах. Л. Попов
Кыыс …… чараас болтуолаах, саллаҕар хаатыҥкалаах. Н. Павлов
Уу үрдүгэр сыалыһар саллаҕар төбөтө көстөр, онтон арсыын холобурдаах ыас хара көхсө күөрэйэр. А. Чехов (тылб.)
ср. бур. һарлагар үһэтэй ‘кудлатый’