даҕ. Будьуруйан үүммүт, будьуруйан көстөр (хол., киһи баттаҕын, түүнү, оту этэргэ). ☉ В завитках, с кудрями, кудрявый (напр., о волосах, шерсти, траве). Бараан түүтэ будьурхай
□ [Уулаах] маадьаҕар атахтаах, кэтит сарыннаах, кылгас лыхаҕар моойдоох, атыыр оҕус сүүһүн түүтүн курдук будьурхай баттахтаах. Эрилик Эристиин
△ Будьуруйан үүммүт түүлээх. ☉ Покрытый кудрявой шерстью (напр., о морде животного)
Ньирэйдэр үүттэрин бүтэрэн бэрт минньигэстик салбаналлар, Витяҕа уонна Ираҕа кэлэн кугас будьурхай сүүстэринэн аалыналлар. Н. Заболоцкай
△ Олус көп, хойуу буолан будьуруйан көстөр (хол., түүнү, от-мас сэбирдэҕин, мутукчатын этэргэ). ☉ Имеющий очень густой, пышный вид (напр., о шерсти, деревьях)
Талахтар, үөттэр будьурхай лабаалара ала-тала саһарбыттар. Л. Попов
Бокур-токур умнастаах, Будьурхай мутуктаах Мутаар ыарҕа буоламмын, Буоһалаах мас буолуом диэн Муҥутаан үүнэн олордум. Саха нар. ыр. II
Боробуос түннүгэр элэҥниир Будьурхай бэс мастар кэриэтэ Эн санааҥ саҕаҕар мичиҥниир Эдэр саас эриэккэс кэмнэрэ. Т. Сметанин