Якутские буквы:

Якутский → Русский

будьурхай

курчавый, кудрявый; будьурхай баттах кудрявые волосы.

Якутский → Якутский

будьурхай

даҕ. Будьуруйан үүммүт, будьуруйан көстөр (хол., киһи баттаҕын, түүнү, оту этэргэ). В завитках, с кудрями, кудрявый (напр., о волосах, шерсти, траве). Бараан түүтэ будьурхай
[Уулаах] маадьаҕар атахтаах, кэтит сарыннаах, кылгас лыхаҕар моойдоох, атыыр оҕус сүүһүн түүтүн курдук будьурхай баттахтаах. Эрилик Эристиин
Будьуруйан үүммүт түүлээх. Покрытый кудрявой шерстью (напр., о морде животного)
Ньирэйдэр үүттэрин бүтэрэн бэрт минньигэстик салбаналлар, Витяҕа уонна Ираҕа кэлэн кугас будьурхай сүүстэринэн аалыналлар. Н. Заболоцкай
Олус көп, хойуу буолан будьуруйан көстөр (хол., түүнү, от-мас сэбирдэҕин, мутукчатын этэргэ). Имеющий очень густой, пышный вид (напр., о шерсти, деревьях)
Талахтар, үөттэр будьурхай лабаалара ала-тала саһарбыттар. Л. Попов
Бокур-токур умнастаах, Будьурхай мутуктаах Мутаар ыарҕа буоламмын, Буоһалаах мас буолуом диэн Муҥутаан үүнэн олордум. Саха нар. ыр. II
Боробуос түннүгэр элэҥниир Будьурхай бэс мастар кэриэтэ Эн санааҥ саҕаҕар мичиҥниир Эдэр саас эриэккэс кэмнэрэ. Т. Сметанин


Еще переводы:

кудрявый

кудрявый (Русский → Якутский)

прил
будьурхай

локон

локон (Русский → Якутский)

м. баттах будьурхай сүүмэҕэ.

кудрявый

кудрявый (Русский → Якутский)

прил. куударалаах, будьурхай (о волосах); куударалаах баттахтаах, будьурхай баттахтаах (с вьющимися волосами); # кудрявая берёза будьурхай хатыҥ.

каракуль

каракуль (Русский → Якутский)

м. каракуль (будьурхай күиду түүлээх бараан тириитэ).

курчавый

курчавый (Русский → Якутский)

прил. будьурхай(оволосшс);будьур-. хай баттахтаах (с вьющимися волосами).

завитой

завитой (Русский → Якутский)

прил. будьурхай, куударалаах, эриллэҕэс; завитые волосы куударалаах баттах.

вьющийся

вьющийся (Русский → Якутский)

  1. прич. от виться; 2. прил. (о растениях) эриллэр, эриллэн үүнэр; 3. прил. (о волосах) будьурхай.
завиток

завиток (Русский → Якутский)

м. 1. (локон) будьурхай сүүмэх; 2. (что-л. в форме спирали) эриллэҕэс, эрийки; завиток орнамента орнамент эриллэҕэһэ; завитки провода провод эрийиилэрэ.

анньыммахтаа

анньыммахтаа (Якутский → Якутский)

анньын диэнтэн тиэт
көрүҥ. «Хайдах?!» — Тыллыырап тугун-ханныгын кыайан быһааран өйдөөбөккө, хараҕын сүүрэлэҥнэттэ, ачыкытын өрүтэ анньыммахтаата, уоһа чорбойдо. Софр. Данилов
Арыйаан будьурхай баттаҕын өрө анньыммахтаата. Л. Попов

быччырыһын

быччырыһын (Якутский → Якутский)

көр мырчыһын
Кини будьурхай баттаҕын өрө анньынан, үрдүк быччырыстыбыт сүүһүн көлөһүнүн ытыһынан соттон кэбистэ. Эрилик Эристиин
Сирэйэ эмискэ боччумнаах көрүҥүн сүтэрэн, дьүдьэйдэ, быччырыста, кыччыы түспүтэ. Г. Николаева (тылб.)