сыһ.
1. Хайааһын буолбут, буолар эбэтэр буолуохтаах сиригэр, оруобуна ол сиргэ. ☉ В том же месте, там же
Муҥхабытын сонно чугас баар Молтоҕор хомотугар түһэрдибит. И. Данилов
Өйдөөбүтэ, пааспара били эргэ бартыбыалын түгэҕэр угуллубутунан сонно хаалбыт буолуохтаах эбит. Н. Заболоцкай
Дьон били эһэлэрин этиттэн сиэн-аһаан, сонно отуу оҥостон хоммуттара. Н. Павлов
2. Туох эмэ кэнниттэн тута, тутатына. ☉ Тотчас, сразу же
Чүөчээски бастакы куртуйаҕын доҕоругар Намыын оҕонньорго илдьэн биэрбитэ. Ону иккиэн сонно буһаран сиэбиттэрэ. Суорун Омоллоон
Оччоҕо [ааны тоҥсуйбуттарыгар] сонно тута чэпчэки атах тыаһа кэлэн аан таһыгар тохтуур. Н. Лугинов
Ханна эрэ ойуур иһигэр кыыкыныыр мас тыаһаата. Ол тыас тыаһаат, сонно сүтэн хаалла. Күндэ
△ Туох эмэ буолар кэмигэр тэҥҥэ, ол кэмҥэ. ☉ В то же время, тогда же
Сонно билбитим дьоло суохпун, онно билбитим сүрэх ыалдьарын, ньүөлүйэн дьөлүтэ ытырбахтыырын. П. Ойуунускай
[Охоноон] сүргэтэ көтөҕүлүннэр эрэ, адьас кыра оҕо сирэйэ сирэйдэнэр, оттон хомойдоҕуна — сонно тосту кырдьан, нүксүйэн, сирэйэ эмэхсийэн хаалааччы. Л. Попов
Ньургуһун хамсыыр да, саҥарар да кыаҕа суох, сонно өйүн сүтэрбитэ. Дьүөгэ Ааныстыырап
тат., уйг. шунда