Якутские буквы:

Якутский → Якутский

моһуоктас

моһуоктаа диэнтэн холб. туһ. Баҕар, сарсын ити дьоннорго туспа санаа киириэ, бостуой моһуоктаһа сылдьыахтара. А. Софронов
Оҕолору кытта моһуоктаһа сылдьаайаҕын, баай-тот оҕолор тобулута сынньан кэбиһиэхтэрэ. Суорун Омоллоон


Еще переводы:

иһилэхтээ

иһилэхтээ (Якутский → Якутский)

туохт., эргэр. Моһуоктас. Придираться, цепляться
Ириэнэх санаалаах Илиисэ сэгэттэйиэм, Илдьэ сылдьар гына Илии баттаабатах диэн Иһилэхтии санаама, Имигэһэ даа суох буоллар Илии баттаатым. А. Софронов

эриллэҕэс

эриллэҕэс (Якутский → Якутский)

даҕ.
1. Көнө буолбатах, эрийэ барбыт, эриллэн тахсыбыт. Скрученный, витой, извилистый
Уол эриллэҕэс да эриллэҕэс хоп-хойуу куудара баттахтаах. Софр. Данилов
Киппэ түөһүн, модун моонньун эриллэҕэс былчыҥнара күүрэн, хамнаатаҕын аайы күлтэриҥнэһэллэр. Н. Лугинов
Оптуобустар эриллэҕэс суол устун бэрт түргэнник субуруһаллар. ТГП ЕЭА
Воропаев ол-бу эриллэҕэс оһуордары ойуулуу олорор болокунуотун саба оҕуста. ПП Дь
2. көсп. Төттөрүтүн оҥоро сатыыр, хадаар (хол., майгы). Упрямый, ершистый, непослушный (напр., о характере)
Истээхэп эппитин энчирэппэт, эриллэҕэс майгылаах, хайаан да моһуоктаһан тэйэрэ буолуо. П. Аввакумов
Ньыппа Ылдьааҕа маарынныыр, күүстээх көрүҥнээх да, майгыта атын, эриллэҕэс. А. Сыромятникова