Якутские буквы:

Якутский → Якутский

мун

туохт.
1. Барыахтаах хайысхаҕыттан туораан хаал, суолгун сүтэр, кыайан булума. Заблудиться, заплутать, сбиться с пути
Уолаттар үһүөн бултуу тахсан баран, хас эмэ хонугу быһа мунан хаалтар. Саха фольк. Уончалаах оҕо эрэйдээх сугуннуу сылдьан муммут. Хас да хоммут. П. Тобуруокап
Муммут киһи мээнэ баран иһэр үгэстээх, тохтуор-туруор сүрэҕэ батарбат. Н. Заболоцкай
2. көсп. Ханнык эмэ боппуруоска улаханнык булкуллан, хайдах быһаарыаххын булума. Растеряться, сбиться с толку, запутаться в чём-л.
Араас санаалар таар баҕайдарыгар мунан, Стёпа Чаара күөлгэ кэлбитин билиминэ хаалла. М. Доҕордуурап
[Спиридон:] Сэбиэскэй былаас утары илин диэки улахан сэрии үөскээбит дииллэр, төһө кырдьык суолу кэпсээн эрэллэрэ буолла. Букатын мунан хаалан сылдьабын. С. Ефремов
Куока эппиэт була охсубакка, харааччы мунан хаа лбыт киһи курдук, ол-бу ди эки мэлээриҥнээтэ. С. Курилов (тылб.)
Муммут кус оҕотун курдук (буол) — тугу да гынар, тугу эмэ тобула охсор кыаҕа суох буол, мунан-тэнэн хаал. Быть в растерянности, потеряться, не знать как быть
Арапаас бандьыыттартан ханна куотар сирин булумуна, муммут кус оҕотун курдук, тула эргийэ турбута. Н. Якутскай
Мин буоллаҕына ол доҕотторбуттан матан, эмиэ муммут кус оҕотун курдук, туох да өйөбүлэ, көмөтө суох собус-соҕотоҕун туран хаалбытым. Д. Таас
Дьиэҕэ киирбитим — дьахтар оҕолонон эрэр. Эмискэ тугу гынарбын умнан, муммут кус оҕотун курдук буолан хааллым. «Кыым»
ср. др.-тюрк. мун ‘заблуждаться’

мун-тэн

туохт.
1. Баран иһэр суол гун сүтэрэн эрэйдэн, туора-маары айан наа (киһи мунуо да суоҕар). Блуждать, сбиваться с пути
Бэрт сиһилии ыйдаран баран, уончата мунан-тэнэн, үксүн сатыы саллырҕайдаан, кини университет дьиэтин син булла. Амма Аччыгыйа
Доҕор хараҕа мунантэнэн суол көрдүүрбэр Сулус буолан сырдыырга дылы. Л. Попов
Барбыт сиригэр син сыылларан тиийэр, мунартэнэр диэни билбэт. Н. Габышев
2. көсп. Туохха эмэ ыарырҕатан, хайдах быһаарыныаххын булума. Теряться, приходить в замешательство
Мунатэнэ, абалана турдахпына Эрдэлиирим бу тиийэн кэллэ эбээт. Амма Аччыгыйа
Хас суруйааччы литератураҕа т у с - т у һ у н а н н ы к к и и р э р. С о р о х у у н ь у у лдьаҕай суруйуулартан саҕалаан, бэрт өр эрэйдэнэн, мунан-тэнэн баран, сыыйа анал суолун булунар. Софр. Данилов
Ити курдук мунан-тэнэн, балачча өр саҥата суох буугунаһан бүк түһэн олордулар. П. Филиппов

Якутский → Русский

мун-тэн=

теряться, приходить в замешательство.

мун=

блуждать, плутать; ойуурга муммут он заблудился в лесу.

Якутский → Английский

мун=

v. to lose one’s way, become lost; муннар= v. to make lost, to lose


Еще переводы:

муннар=

муннар= (Якутский → Русский)

побуд. от мун=.

заблудиться

заблудиться (Русский → Якутский)

сов. мун; # заблудиться в трёх соснах көстөн турарга мун.

дезориентироваться

дезориентироваться (Русский → Якутский)

сов. и несов. мун, му-нан хаал, мунууга тиий.

сбивчивый

сбивчивый (Русский → Якутский)

прил. бутуллаҕас, тэнтик-мун-тук; сбивчивый ответ бутуллаҕас эппиэт.

бууһугурат

бууһугурат (Якутский → Якутский)

бууһугураа диэнтэн дьаһ
туһ. Кини бэйэлээх [Дьыл оҕуһа] муннун бууһугураттаҕын аайы мунан барар буркун турар. КНЗ СПДьНь

сэнтэҥнэт

сэнтэҥнэт (Якутский → Якутский)

туохт. Муннуҥ тэллэгэрин хамсат (сибиинньэ туһунан). Шевелить пятачком (о свинье)
[Чууска] үүт сытын син биллэ быһыылаах, муннун сыыһын сэнтэҥнэттэ. «ХС»

мунуу

мунуу (Якутский → Русский)

и. д. от мун= блуждание; тумаҥҥа мунуу а) блуждание в тумане; б) перен. нахождение в тупике, в безвыходном положении.

бууһугураа

бууһугураа (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Кыратык биир тэҥник тыаһаа (утуйа сытар оҕо муннун тыаһын этэргэ). Издавать негромкие равномерные звуки носом (о спящем ребенке)
Маайа улаҕа өттүгэр Сүөдэр утуйан муннун тыаһа хаһыҥырыыр, аттыларыгар кыракый ороҥҥо, оҕолоро Сэмэнчик муннун тыаһа бууһугуруур. Н. Якутскай

мунуу

мунуу (Якутский → Якутский)

мун диэнтэн хай
аата. Арай олоҥхоҥ ырыатыгар Харахтанар ыра баара, Онно төрөөбүт дойдугар Мунуу уонна Булуу баара! Р. Баҕатаайыскай
Литератураҕа куһаҕан үчүгэйи, сымыйа кырдьыгы, сыыһыы уонна мунуу таба суолу көрдөрөр тосхоллоох буолар. ВГМ НСПТ

дьэптэркэй

дьэптэркэй (Якутский → Якутский)

даҕ. Дьаалатынан хааныра сылдьар, тымырар (киһи муннун туһунан). Кровоточивый, кровоточащий (о носе). Кини мунна дьэптэркэй, бэрт кыраттан да тымырар уонна хаана тохтоон биэрээччитэ суох