Якутские буквы:

Якутский → Русский

муҥха

невод.

Якутский → Английский

муҥха

n. seine, drag-net

Якутский → Якутский

муҥха

аат. Элбэх киһи тардан балыктыыр, илим курдук харахтаах, икки өттүнэн уһун кынаттаах, ортотугар балык мустар ийэлээх улахан балыктыыр тэрил. Большая рыболовная сеть, невод для коллективного рыболовства
Муҥхаларын ийэтэ саҥардыы чардааттан сүтэрин кытта, туохтан да иҥнибитэ биллибэккэ икки бэчимэтэ иккиэн быстан хаалаллар. Саха сэһ. II
Муҥха хараҕа силиннэҕинэ, мунду да таба ылларбат. С. Васильев
Урустаан өйдөөн көрбүтэ муҥха ийэтин түгэҕэр быспыт дүлүҥ курдук тууччах балык ньөлбөллө сытар эбит. ПН ТОК
Ол тэрилинэн эл бэх буолан балыктааһын. Ловля рыбы неводом
Муҥхаҕа с ы л д ь а н , д ь о н ү т үрүһүүтүгэр халты тэбинэн, чардаакка түспүтүм. Амма Аччыгыйа
Арыылаах алаас күөлүгэр ааттаах улахан муҥха буолар буолбута. И. Федосеев
Күрэх м у ҥ х а т а оҕо аймахха улахан бырааһынньык буолара. «ХС»
Муҥха соботун курдук кэпс. — бөлүөҕүнэн, элбэх буолан. Толпой, кучей (собраться, сгрудиться)
Биир сиргэ дьон бөҕөтө муҥха соботун курдук бөлүөхпүтүгэр тиийдилэр. Р. Баҕатаайыскай. Муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи — оч чолооҕу көрсү бү т, кыра ҕа кыһа ммат буолбут киһи. Видавший виды, бывалый человек
Бу бурдук сытыйыытыгар ким да эппиэттээбэт. Ыскылаат сэбиэдиссэйэ Крылов оччону көрөн баччаҕа кэлбит, муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи. В. Ойуурускай
Кутуйах кыыл Күтэргэ тиийэн, Куолутунан, халыта түһэн, Муҥхатын хараҕа кэҥээбит киһи быһыытынан, Муннугар сыт аҕатан кэпсии олордо. В. Чиряев
Атыыр муҥха — улахан тэрээһиннээх, элбэх киһи кыттыылаах кыһыҥҥы муус аннынан муҥха. Зимняя подлёдная ловля рыбы неводом с участием большого количества людей
Арыылаах алаас күөлүгэр ааттаах улахан атыыр муҥха буолар буолбута. И. Федосеев. Күрэх муҥхата — балыгы үүрэн, күрэтэн муҥхаҕа хаайан бултааһын (үксүгэр хас да киһи ууга тыынан сылдьан эрдиинэн таһыйан). Добыча рыбы путём загона её в невод (при этом несколько человек, находясь в лодке, шлёпают по воде вёслами)
Күрэх муҥхата оҕо аймахха улахан бырааһынньык буолара. И. Гоголев. Муҥха ийэтэ көр ийэ
1.
4. Көрүөх түргэнэ субуйбахтаан муҥха ийэтин кумахха балачча таһааран, дьэ уоскуйдулар. «ХС». Муҥха өлүүтэ — муҥха хаһаайыныгар анаан бэриллэр туспа өлүү балык. Доля ры бы, выделяемая отдельно хозяину невода
Бэл муҥхаҕа муҥха өлүүтэ диэн туспа ууруллар муҥхалаах киһи муҥханы бэрийэрэ, та ҥ а ра, бэйи, элбэх түб ү к т ээх үлэ. Кэпсээннэр
ср. эвенк. мунгка ‘невод’


Еще переводы:

невод

невод (Русский → Якутский)

сущ
муҥха

невод

невод (Русский → Якутский)

м. муҥха.

мотня

мотня (Русский → Якутский)

сущ
муҥха ийэтэ

мотня

мотня (Русский → Якутский)

ж. (часть невода) муҥха ийэтэ.

трал

трал (Русский → Якутский)

сущ
трал, муораҕа суднонан балыктыыр улахан муҥха

бэчимэ

бэчимэ (Якутский → Русский)

бечева, канат; муҥха бэчимэтэ бечева невода.

бредень

бредень (Русский → Якутский)

м. кыра муҥха (икки киһи кэһэ сылдьан бал ыкт ыыр) .

абырахтааһын

абырахтааһын (Якутский → Русский)

и. д. от абырахтаа = починка, ремонт; муҥха абырахтааһына починка невода.

муҥхалас

муҥхалас (Якутский → Якутский)

муҥхалаа диэнтэн холб. туһ. Күһүн муҥха кэмигэр Лэгэнтэй муҥхалаһар кыаҕа суоҕун иһин, киниэхэ муҥха соботуттан булгуччу «өлүү» диэн аныыллара. «Чолбон»

иҥнигэн

иҥнигэн (Якутский → Якутский)

аат. Муҥха иилистэн, иҥнэн хаалар уу анныгар баар мэһэй (хол., сыгынах). Препятствие, помеха на дне водоема (напр., коряга)
«Доско» диэн дьэкилиир чэмээккэ иҥнигэн үөскээн муҥха түһэриллибэтэ. Н. Абыйчанин
Сайыҥҥы, күһүҥҥү муҥхаҕа сылдьан иҥнигэни араарара. «Кыым»