Якутские буквы:

Якутский → Русский

мэнээк

  1. нареч. 1) много, очень много; быйыл от мэнээк нынче травы много; 2) зря, напрасно; без цели; мэнээк лахсыйар зря болтает; 2. бесцельное бродяжничество, скитание || бродячий; мэнээк барбыт он ушёл бродяжничать; мэнээк кыыл бродячий зверь.

Якутский → Английский

мэнээк

n. dial. wild reindeer

Якутский → Якутский

мэнээк

  1. сыһ.
  2. Таах мээнэ, туох да сыала-соруга суох. Просто так, бесцельно, праздно, неизвестно зачем
    Кини манна мэнээк сылдьааччыта суох, ханнык эрэ наадаҕа истэҕэ. Болот Боотур
    Ыксал түрүлүөҥҥэ түбэспит үс-түөрт аттаах киһи …… толоон арҕаа өттүнээҕи тыа диэки мэнээк к ө т үтэ турдулар. Эрилик Эристиин
    Кыыс мэнээк сарыкынайбакка лоп-бааччытык тут тунара, эйэҕэстик мичээрдиирэ. П. Аввакумов
  3. Субу-субу, элбэхтик. Довольно много
    [Харабыл:] Тоҕо мэнээк сыбыытаан хааллыгыт, көрбөккүт дуо, комбат утуйа сытарын. С. Ефремов. Болҕомтону хатаан, чинчийэн көрдөххө, аат туһунан сахалыы да син мэнээк с у р у л л у б у т. ФЕВ ДьС. Алдан бириискэлэрэ маҥнай үөскээһиннэригэр дьон ту ла өттүттэн мэнээк кэлэрэ. Л енин с.
  4. аат суолт. Туох эмэ олус элбэхтик ыһыллыбыта, мээнэ барбыта (кыылга-сүөлгэ сыһыаннаах). Переселение, миграция, набег (о животных)
    Ононманан элэҥнэтэн көрө истэҕинэ, куобах ороҕо сүрдэммит, арааһа мэнээк кэлбит быһыылаах. Н. Заболоцкай
    [ Сүөдэрдээх] мэнээккэ ким күҥҥэ төһөлүү куобаҕы өлөрбүтүн, хайа тыа ордук эмис куобахтааҕын ырыттылар. Д. Кривошапкин
    Ол кыһын улахан мэнээк туран, сир-сибиир куобаҕынан ыһыллыбыта. Ф. Постников
    Куобах (киис) мэнээгэ — куобах (киис) хантан эмэ сыҕарыйан кэлиитэ эбэтэр дэлэйдик үөскээһинэ. Набег, миграция зайцев (соболей) в большом количестве
    Тус-туспа аҕа ууһун баһылыктара, оччотооҕуга киис мэнээгин с а ҕ ана, кииһи бултаан, куоракка нууччаларга киллэрэн туттараллар эбит. Саха сэһ. II
    Ити дьыл куобах мэнээгэ дохсуннук үөскээн турар этэ, эмиһэ да б э рт э т э. Эрилик Эристиин
    Ол от-бурдук үүммэтэх, куобах мэнээгэ д ь ы л э б итэ үһү. Н. Заболоцкай. Мэнээк эһэ — күһүн кыайан уойбакка арҕахха киирбэтэх, бэйдиэ барбыт эһэ. Медведь-шатун
    Күһүн ырбыт, кыайан уойбатах кыыллар арҕахха киирбэттэр. Оннук мэнээк эһэлэр киһиэхэ, сүөһүгэ олус кут таллаахтар уонна кыһын тоҥон өлөл лөр. ПАК ЭТ
    ср. эвенк. мэнэк ‘попусту’

Еще переводы:

үөҕүс=

үөҕүс= (Якутский → Русский)

совм.-взаимн. от үөх = ругаться, браниться с кем-л.; мэнээк үөхсүмэ без причины не ругайся.

бэдьэҥнэс

бэдьэҥнэс (Якутский → Якутский)

бэдьэҥнээ диэнтэн холб. туһ. Бэрт үгүстэр ханнык эрэ үҥкүү буоллар мэнээк тэпсэҥнэһэр, бэдьэҥнэһэр этибит. Далан

кутурбахтаа

кутурбахтаа (Якутский → Якутский)

кутур диэнтэн тиэт
көрүҥ. Хаарчаан мэнээк кутурбахтаан баран, хоһоон таһааран көрүү көрүүлэнэн барда. Болот Боотур

чалбараҥнас

чалбараҥнас (Якутский → Якутский)

чалбараҥнаа диэнтэн холб. туһ. Оруолдьут уолаттар-кыргыттар дьэ мэнээк аһы кырыытыттан аһаан чалбараҥнаһан-сэлбэрэҥнэһэн сырыттылар. ПЭК ОНЛЯ III

бэлэҕимсэх

бэлэҕимсэх (Якутский → Якутский)

даҕ. Бэлэҕи, бэриги эрэйэр, бэлэх, бэрик ыларын таптыыр. Любитель получать подарки, взятки
Бэлэҕимсэх кинээстээх Бэрдьигэстээх нэһилиэгэ Мэнээк элбэх кэлбиттэр. С. Зверев

мэнээх

мэнээх (Якутский → Якутский)

көр мэнээк
1.
Бу үрэх дойдуга мэнээх тыллаһар сэттээх-сэлээннээх. Далан
Бостууктар карабинынан мэнээх үөһэ ыта-ыта уучах миҥэлэринэн үөрү тула сүүрдэ сылдьыбыттара. «Кыым»

тоһуойдаа

тоһуойдаа (Якутский → Якутский)

туохт. Хаартыны ырыт. Тасовать (колоду карт)
Хайа хаартыны ылан туох диэн сыаналыырын билбэккэ, мэнээк холуоданы тоһуойдуу-тоһуойдуу олорон …… Хотун буугунайы сулбу тардан ылла. Болот Боотур

түрдьэлэн

түрдьэлэн (Якутский → Якутский)

түрдьэлээ диэнтэн атын
туһ. Ардах кэмигэр биитэр сииктээх оту мэнээк түрдьэлэммэт, дьиппинитиллибэт, чиҥээбит от ситэ кууран биэрбэт. ПАЕ УуАХО
Хаһыма барыта түрдьэлэннэ, ураһа мастара эрэ ордон хаалла. «ХС»

халдьаар

халдьаар (Якутский → Якутский)

туохт. Солуута суох улаханнык элбэҕи саҥар-иҥэр, мээнэ саҥар. Громко говорить, болтать, пустословить
Саха киһитин сиэринэн, кустуур кэмҥэ мэнээк халдьаарымыах баара диэн түмүккэ кэлэҕин. «ЭК»

ньаллыгырас

ньаллыгырас (Якутский → Якутский)

I
ньаллыгыраа диэнтэн холб. туһ. Эмээхситтэр ньаллыгыраһан киирдилэр
II
даҕ. Солуута суох, мэнээк (хол., саҥа, кэпсэтии). Пустой, несерьёзный (о речи, разговоре)
[Тыгын:] — Тиһэх сахха диэри дьулусхан сүүрүк кистэлэҥ санаабын кимиэхэ да этимээри гынабын. — Ол диэн сөрү-сөп, оҕо-дьахтар эрэ ньаллыгырас чэпчэки, мэнээк тыллаах. «Чолбон»