туохт. Соруктаах, сыаллаах, туох эмэ наадалаах буол. ☉ Нацелиться на что-л. [Уолака:] Дорообо, эдьиийим Сайсары, кэл бэттэх
Кэпсээ, тугу соруктанан кэллиҥ? Суорун Омоллоон
Бу күнтэн ыла Роман Светаны хайдах эмэ гынан көрсө охсорго соруктанар. У. Нуолур
Мин Анастасия Петровна ити этиитин аахпыт киһи диэн ыһык оҥосто сылдьыбыт санаалаах этим. Онтубун соруктанан архыыпка сырыттым. ПНИ АДХ
♦ Суорума соруктан көр суорума
Өлөр быатыгар, Өйбүн сүүйтэрэн, Суорума соруктаммыт сорум эбит. П. Ойуунускай
Ньиэмэс буулдьатыттан эдэр сааһыгар суорума соруктаммыта. Софр. Данилов