даҕ.
1. Мэлдьи бииргэ сылдьар. ☉ Неразлучный, неотлучный
Икки көҕөччөр сэлиик хаарынан тибэ иһэр сыарҕатыгар Анатоль арахсыбат табаарыһа Макаринныын элэс гынан аастылар. Л. Толстой (тылб.)
2. сөбүлээб. Араҕан биэрбэт, сыста сылдьар. ☉ Прилипчивый, привязчивый
Суох, арахсыбат дьон буолбуттар быһыылаах, «гражданин» дииллэрэ кырыктанна, тардыалыыллара кытаатта. Амма Аччыгыйа
Миша кыыһыран да хайыай, Сеня, сымалаттан итэҕэһэ суох сыстан баран, арахсыбат киһи. Н. Лугинов
△ Быстыспат. ☉ Неотделимый
Хамсааһын — материя арахсыбат аргыһа, ис свойствота, атрибута. ДИМ