Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ностуойка

аат. Ханнык эмэ бэс сэстибэттэн, үүнээйиттэн оҥоһуллубут эбэтэр испииргэ суурайан оҥоһуллар эмп курдук туттуллар убаҕас, көөнньөһүк. Настойка
Норуодунай эмтээһиҥҥэ уку руоп ностуойкатын утуйбат буолааһыҥҥа, хаан баттааһынын үрдээһинигэр, куртах-оһоҕос ыарыыларыгар, аастымаҕа эмп быһыытынан тутталлар. ФНС ОС


Еще переводы:

итирт

итирт (Якутский → Якутский)

итир диэнтэн дьаһ
туһ. [Арыгы] Итирдиэн тэрилиннэҕинэ, Испиир буолан имэҥирэр, Наардыан наадыйдаҕына, Ностуойка буолан намылыйар. Өксөкүлээх Өлөксөй
Сайыҥҥы түүн дьикти кэрэ, Чэбдик сыта итирдэр. С. Данилов
Сүрэҕи итирдэр Сүөгэйдээх минньигэс тыллаахтар, - Күөрэйэн битийэр күөрэгэй - Татыйык чыычаахтар... Күннүк Уурастыырап
Биирдэ, арыгылатан Сыбысыйаанабы тугу да билбэт гына дэлби итирдэн кэбиһээт, быарын быһыта тэпсэн өлөрөллөр. Бэс Дьарааһын
Сарсыарда кими эрэ арыгы кэһиилээх ыытан сэтээтэли итирдэн кэбиспиттэр этэ. И. Федосеев

сиэн

сиэн (Якутский → Якутский)

I
сиэ диэнтэн атын
туһ. Сиргэ куобах тилэҕэ сытарын көрөн, сулбу тардан ыллым. Болҕойон көөртүм, саҥардыы соҕус сиэммит атах буолла. Суорун Омоллоон
Билигин, кырдьаҕас акаары, Уокка түрүтэ сиэниэҥ! Баал Хабырыыс
[Күкүр Уус:] Сатана, дэлби сиэнэн хаалбыт эбит. (Игии ылан, [саатын] аалар). Суорун Омоллоон
II
аат.
1. Киһиэхэ оҕотун оҕото. Внук, внучка
Иллэҥсийбит дьон быһыытынан эһэлээх сиэн тыаҕа тахсыбыттара. Далан
Сиэн диэн — эн кэскилиҥ, кэнэҕэскиҥ, уопсастыбаҕа, дьоҥҥор-сэргэҕэр хаалларар биир суолуҥ. ЧКС АК
2. Киһиэхэ бииргэ төрөөбүтүн оҕото. Племянник, племянница
Эн сиэн быраатыҥ Саша массыынаны кытта харсыһан улахан буруйга түбэһэр буолла. П. Аввакумов
Бу кинигэ биир ааптара Михаил Константинович Охлопков мин сиэним этэ, бииргэ оонньообуппут, улааппыппыт. ВПК СОо
Көстүүнэйгэ Николай уонна сиэн балыс Соня хааллылар. Л. Толстой (тылб.)
Хос сиэн — киһиэхэ сиэнин оҕото. Правнук, правнучка
Хойукку да көлүөнэ ыччаттарбыт, Хостон хос да сиэн ытыттарбыт Кэрэмэс хотугу дойдуга …… Үүнэн олорон истиннэр! Күннүк Уурастыырап
Бу дьон үлүскэннээх үлэлэрэ оҕонньор, кини оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин өйдөрүн-санааларын көҕүтэрэ, сүргэлэрин көтөҕөрө. И. Данилов. Иккис хос сиэн — киһиэхэ хос сиэнин оҕото. Праправнук, праправнучка. Сиэн оһоҕос — синньигэс оһоҕос куртахтан тахсар төрдө. Двенадцатипёрстная кишка
[Лэбэн түөрэ от] ностуойката баастаах куртах уонна сиэн оһоҕос ыарыытын хаптатар. МАА ССКОЭҮү
Фиброскопиянан …… сиэн оһоҕос, синньигэс, суон оһоҕостору көрөн үөрэтиэххэ, кинилэр салыҥнаах бүрүөлэрин туругун сыаналыахха сөп. АВТ ГСЭ
ср. др.-тюрк. йэгин ‘племянник’, тув. чээн ‘племянник’, монг. зээ ‘внук, внучка’
III
аат. Күөлтэн тахсар үрэх. Речка, берущая начало от озера
Сотору үөтүнэн үмүрүччү үүммүт сиэҥҥэ тиийдилэр. «Кыым»
«Ынах күөлүн» сиэнин төрдүгэр алдьархайдаах ытыалаһыы буолбут. «ХС»
Эрийэ-буруйа сүүрбүт балыктаах сиэни туораан баран, сытыган эрбэһининэн саба үүммүт өтөххө таҕыстылар. Хомус
ср. коми сён ложбина, лощина