Якутские буквы:

Якутский → Якутский

нус-хас

  1. даҕ.
  2. Туох эмэ сүпсүгүн ааһан нус буолбут, сынньалаҥ, чуумпу. Спокойный, тихий, размеренный, без суеты и тревог (о жизни)
    Биһиги да олох олоруохпут, оҕо төрөтүөхпүт. Биһиги да кэрэ киэһэлэри атаарыахпыт, түптээх нус-хас кэмнэри аһарыахпыт. Т. Сметанин
    Кини нус-хас олоҕор Арай мэник оҕолор Айдааннара иһиллэр. И. Чаҕылҕан
    Нуктуу түстэр эрэ Нус-хас олоҕу түһүүр. С. Тимофеев
    Чуумпу, нус бараан (д ь и э н иуоту этэргэ). Приятный, тихий, уютный (об атмосфере, обстановке в до ме)
    Ол эрээри Молтой Тылбыков муода киһи. Итинник сылаас, нус-хас дьиэтигэр олорбокко, кыһын буоллар эрэ түүлээхтии барар. И. Федосеев
  3. Холку быһыылаах, наҕыл майгылаах (киһини этэргэ). Спокойный, сдержанный (о характере человека)
    Айгылла ураты нус-хас туттунуулаах, киэҥкуоҥ, холку майгылаах үтүө киһи этэ. Н. Лугинов
    [ Хонооһой:] Көҥдөй куоластаах, нус-хас, дьоһуннаах киһи, ол да иһин оҕонньор аатырдаҕа. У. Нуолур
    Күбэйээнэ эмээхсин мырчыстаҕас гынан баран буһуу арыы курдук нүөл, нус-хас, дьоһуннаах сэбэрэтэ ис киирбэхтик иэйэр. И. Данилов
  4. сыһ. суолт. Наҕыллык, нус бааччы. Не спеша, спокойно, без суеты и тревог
    Туох да кыһалҕата суох нус-хас олоруллубута. Амма Аччыгыйа
    Оҕолорун туһугар кинилэр [Чокуураптар] санаарҕыыллара, куттаналлара улам улаатан, нус-хас олорбот буолбуттара. Д. Таас
    Сипсики Силипиэн сарсыарда нус-хас утуйан хаалбыта. Л. Попов
    Нус-хас буол — нус буол диэн курдук (көр нус)
    Кыыс аргыый ытаан сыҥсыйбыта хайыы-үйэ ааһан, нус-хас буолла. Н. Заболоцкай
    Тойбол арай хара тыа, киэҥ нэлэмэн туундара бөҕөнү кэрийдэр даҕаны, ханна да букатыннаахтык нус-хас буолан кута-сүрэ тохтуур сирин булбатаҕа. Н. Лугинов
    Т өһө да кыараҕаһырҕаттар, эмээхсин кыыһыгар сиэнигэр, күтүөтүгэр кэлэн нусхас буолла. Н. Босиков
    «Атын са наалааҕым, барыта олус үчүгэй буолан, мантан антах дьэ нус-хас буолуом диэбитим баара, оо, аньыылаах да буолар эбит!» — Ааныс санныгар Хобороос тайанна. А. Сыромятникова

Еще переводы:

биэбэйдэс

биэбэйдэс (Якутский → Якутский)

көр бүөбэйдэс. Оҕотун кытта биэбэйдэһэр. Сайыны быһа оҕуруотун кытта биэбэйдэһэн тахсыбыта
Кини биирдэ нус-хас олоро түспэккэ, эйигин кытта биэбэйдэһэн тахсара. Н. Тарабукин (тылб.)

чолохочус

чолохочус (Якутский → Якутский)

чолохочуй диэнтэн холб. туһ. Аныгы чолохочуспут уолаттар кэриэтэ, кырдьаҕас, нус-хас киһи ыраах ордук буолуо этэ. А. Софронов
Мэниктээн чолохочуһа сылдьан, тугу барытын оҥоруохтарын сөп. П. Аввакумов

гынан баран

гынан баран (Якутский → Якутский)

көр буолан баран I
«Сэрэппэтэҕэ диэйэҕин, аны булуук суолун батыһыаҥ да, иккистээн босхо үлэлиэҥ», - агроном холкутук гынан баран, кытаанахтык сэрэтэр. П. Егоров
Күбэйээнэ эмээхсин, мырчыстаҕас гынан баран, буһуу арыы курдук нүөл, нус-хас, дьоһуннаах сэбэрэтэ ис киирбэхтик иэйэр. И. Данилов

дьигиҥнээмэхтээ

дьигиҥнээмэхтээ (Якутский → Якутский)

дьигиҥнээ диэнтэн тиэт
көрүҥ. Кырбый иҥиир ситиитин тартаран дьигиҥнээмэхтээн иһэн, дьэ нус-хас буолбуттуу, тыылыы тэбэн кэбистэ. Н. Лугинов
Марыыса үрдүк түөһэ, кырыһа быстан эрэр күөл кутатын курдук, дьиктитик дьигиҥнээмэхтээтэ. «ХС»

оччотугар

оччотугар (Якутский → Якутский)

ситим т. Ол түбэлтэҕэ, ол аата. В таком случае
Олус үчүгэй! Оччотугар Нус-хас олорон аһаатахпыт, Итии чэйинэн саҕалаатахпыт! Р. Баҕатаайыскай
Оччотугар, Кэскил, били, биир дойдулаах уолуҥ, Серёжаҥ, ханна тиийбитэй? Г. Колесов

түмүктэн

түмүктэн (Якутский → Якутский)

түмүктээ диэнтэн бэй., атын. туһ. Быабыт манан эмиэ түмүктэммит
Дьүүллэһии күлүүоонньуу икки ардынан түмүктэннэ. Н. Заболоцкай
Биллибэт диниэбинньик лирическэй хоһооннорунан түмүктэниэх чинчилээх. С. Федотов
Сайыҥҥы уонна күһүҥҥү түбүктээх үлэ этэҥҥэ түмүктэнэн, дьон-сэргэ санаата нус-хас. Хоро Бүөтүр

уоскулаҥ

уоскулаҥ (Якутский → Якутский)

аат. Нус-хас буолуу; сынньаныы, чуумпуруу. Успокоение, умиротворение; покой, тишина
Намыын уоскулаҥы аймаан, арай, алларааҥҥы ыаллар оҕолоро туохтан эрэ ытыыр саҥата иһиллэрэ. Далан
Орто дойдуга уоскулаҥ баара биллибэт. Н. Лугинов
Куораттыы тииптээх бөһүөлэк олоҕо уоскулаҥы билбэккэ ньириһитэр. П. Аввакумов

хааччыныы

хааччыныы (Якутский → Якутский)

хааччын диэнтэн хай
аата. Капиталистическай дойдуларга үлэһит киһи дьиэнэн хааччыныыта кини тус бэйэтин кыһалҕата. И. Артамонов
Кини тус бэйэтин олоҕун хааччыныыга, күө-бааччы, нус-хас олорууга соччо кыһаммат этэ. «ХС»

эйэ-дэм

эйэ-дэм (Якутский → Якутский)

аат. Чуумпу, нус бараан, нус-хас дьиэ-уот ис туруга, дьон-сэргэ бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара. Тихая, уютная, приятная во всех отношениях атмосфера, обстановка в доме
Бастакы кинигэттэн наар үөрүү-көтүү, уруйайхал, эйэ-дэм сылаас тыына илгийэрэ. Софр. Данилов

дьик-дьах

дьик-дьах (Якутский → Якутский)

сыһ. Нус-хас буолбакка, туохтан эрэ наар куттанар, дьиксинэр курдук буолан. Чувствуя страх, боязливо, пугливо (держаться)
Күнү быһа дьик-дьах олордулар, тэлгэһэҕэ тыас тыаһаатар эрэ аан диэки дьиксиммиттии көрөн кэбиһэллэр. Софр. Данилов
Хамначчыттара куттанан хабахха тыына сылдьаллар, үөмэн хаамаллар, дьик-дьах тутталлар. И. Гоголев
Махсыын киирбитигэр дьиэлээхтэр дьикдьах буоллулар. Р. Кулаковскай