Якутские буквы:

Якутский → Русский

ньаачаҥнаа=

равн.-кратн. ходить, сгибаясь (под тяжестью чего-л.).

Якутский → Якутский

ньаачаҥнаа

дьүһ. туохт. Атаххар нэһиилэ уйуттан, бытааннык түөрэҥэлии хамсан, хаамп (төрүт кылгас атахтаах, хол., көтөр эҥин туһунан этэргэ). ☉ Двигаться, ходить медленно, шатаясь, едва держась на ногах (о ком-л. слишком коротконогом, напр., о птице)
Көҕөн олус үчүгэйдик устар, оттон хонууга ньаачаҥнаан хаалар. ББЕ З
Барсук оҕолоро олус мөлтөх этилэр: хаамалларыгар кэлин атахтара уйбакка ньаачаҥныыра. ДВЛ МК
Ытым буруйдаммыттыы, сиргэ хаптас гынан, ньаачаҥнаан ылла. «ХС». Тэҥн. ньаачараҥнаа
ср. кирг. наачарла, наачарлан ‘слабеть, ухудшаться’


Еще переводы:

ньаачаҥнас=

ньаачаҥнас= (Якутский → Русский)

совм.-взаимн. от ньаачаҥнаа =.

ньаачаҥнас

ньаачаҥнас (Якутский → Якутский)

ньаачаҥнаа диэнтэн холб. туһ. Саалаах бандьыыттар ытарга бэлэмнэнэн тоҥуу хаары оймоон ньаачаҥнаспыттар. П. Аввакумов

ньаачараҥнаа

ньаачараҥнаа (Якутский → Якутский)

дьүһ. туохт. Маадьаҕар, кылгас атаххын биир тэҥник үктээн дьулуруччу, ыксаабыттыы хаамп, сүүр. ☉ Быстро ходить, бегать, часто переступая короткими, кривыми ногами
Мин атым кэннинэн ньаачараҥныыньаачараҥныы, дулҕаттан дулҕаҕа харбыалаһан тахсар. А. Бэрияк
Маадьаҕар атахтаах кыра Лошаков инники ньаачараҥнаан иһэрэ. К. Симонов (тылб.). Тэҥн. ньаачаҥнаа