дьүһ. туохт.
1. Аһара намтаан, халыйан көһүн (хаптаҕай быһыылаах тугу эмэ этэргэ). ☉ Оплывать, расплываться, расплющиваться; выделяться таким видом. Чүмэчи күн уотугар туран, ууллан ньалбайан хаалбыт
□ Тыы быһаҕаһыгар диэри уу киирэн, нэһиилэ ньалбайан кэлэн кытыыга анньыллар. П. Чуукаар
Сулуоннар бары суон атахтарыгар үктэннэхтэринэ ньалбайан, кэтирээн тахсар эрэһиинэ курдук сымнаҕас уллуҥахтаахтар. ГКН МҮАа
△ Алдьанан хапсыччы бар, хомуллан хаал. ☉ Уменьшаться в объёме; становиться помятым, сплющенным
Ынах тэбэн кууһуннарда, солуур ньалбайан хаалла. М. Доҕордуурап
Дарыбыанаба Валерий Ивановиһы ньалбайбыт сэлээппэтиттэн бадарааны баспыт бачыыҥкатыгар диэри таҥнары көрөн түһэрдэ. Л. Попов
2. Кэтит хаптаҕай буолан көһүн (хол., сирэй). ☉ Выделяться своим широким плоским видом (напр., о лице)
Хантан эрэ соҕотох сыалыһар устан ньалбайан кэллэ. Ф. Филиппов
Хара сирэйдээх ньалбайбыт дэгдэгэр имнээх оҕонньор маҥан ырбаахы кэппит. С. Курилов (тылб.)
3. Үрдүккэр сөбө суох олус кэтит, киэҥ көстүүлээх буол. ☉ Быть слишком широким, сплющенным, расширенным книзу, распластанным
Буор сыбахтаах туруорбах дьиэ үүт-үкчү хас эмэ сыллааҕыта куруламмыт кэбиһиилээх от курдук харааран, ньалбайан көстөр. И. Никифоров
Олбуор түгэҕэр улахан ньалбайбыт саха балаҕана баара. ВВМ. Тэҥн. ньалҕай I
ср. др.-тюрк. йалбы ‘плоский’, алт. дьалбай ‘быть широким, плоским’, ног. ялпай, монг. жалбийх ‘сплющиваться’
Якутский → Якутский
ньалбай
Якутский → Русский
ньалбай=
расширяться (в ущерб высоте), как бы расплющиваться; расплываться; сибиниэс ууллан ньалбайбыт свинец растопился.
Еще переводы: