Якутские буквы:

Якутский → Якутский

ньидьирээ

туохт.
1. Ситэн-хотон силигилээ; ууһаа-тэний. Расцветать; размножаться
Субу аан дойду Иччитэ буолан ньидьирээбит …… Аан Алахчын Хотун эбэкэм! П. Ядрихинскай
Бэйэм да хайдах-туох буоларым биллибэккэ сылдьан, хайдах да ыал буолан, оҕо төрөтөн ньидьириир кыаҕым суох. Н. Лугинов
Оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро билигин оҕо-уруу төрөтөн, кэргэн-ыал буолан ньидьирээн олороллорун көрдөҕүнэ, тоҕо эрэ ымсыыран, ордугурҕаан кэлэр. ЭКС ТБТ
2. кэпс. Кыаммат соҕустук, тиийиммэттик-түгэммэттик олор (хол., элбэх оҕолоох буолан). Жить в бедности, испытывая нужду (напр., по причине многодетности)
Үгүс оҕолоох-уруулаах, ыарыһах кэргэттэрдээх эрэйдээхтэр самнаспыт эргэ дьиэлэргэ ньидьирээн олороохтууллар. П. Аввакумов
[Эмээхсин] арай биирдэ оннук ньидьирээн олордоҕуна, «соҕурууҥҥу мааны луохтуур кыыс» көтөн түспүт. Л. Попов
Син ыал ийэтэ буолан, оҕолонон-урууланан, бу ньидьирээн олорбут. П. Ламутскай (тылб.)
ср. монг. жижигрэ ‘раздробляться’

Якутский → Русский

ньидьирээ=

жить в грязи; ходить в старой ветхой одежде (напр. по причине многодетности).


Еще переводы:

ньүдьүрээ

ньүдьүрээ (Якутский → Якутский)

туохт. Сиэри таһынан мөлтөөн, барбахсыйан сүөргүтүк көһүн. Быть, казаться весьма неприличным и непристойным
Соруйан куоталаһыннара туруортаабыт курдук. Ол иһин үчүгэй олус чаҕылыйан, куһаҕан олус ньүдьүрээн көстөргө дылы. Э. Соколов
Билигин биһиги кыра да, улахан да бөһүөлэктэрбит уулуссаларын тыраахтар, массыына илдьи хааһылаан, уу хонон, аҥхай үөскээн …… олус да ньүдьүрүүр. «ХС». Тэҥн. ньидьирээ