Якутские буквы:

Якутский → Русский

ньиллиргэс

гулкий ритмично шлёпающий (о звуке); долгун ньиллиргэс тыаһа шум прибоя.

Якутский → Якутский

ньиллиргэс

даҕ. Биир тэтимнээх бүтэҥитик, ол гынан баран эрчимнээхтик иһиллэр (хол., инчэҕэй, сииктээх кытаанахха эбэтэр кытаанах инчэҕэйгэ охсулларыгар тахсар тыас). ☉ Мерный, глухой, шлёпающий, шмякающий (напр., о звуке падения куска теста или сырого мяса на что-л. твёрдое). Эт эттиир ньиллиргэс тыас. Долгун тыаһа ньиллиргэс
□ Үлэһиттэр саҥата-иҥэтэ суох үлэлээн будьуктастылар, истэр тухары — кутуллубут буору чиҥэтээччилэр бүтэй ньиллиргэс тыастара. В. Яковлев


Еще переводы:

ньип-

ньип- (Якутский → Якутский)

Даҕааһын күүһүрдэр эбиискэтэ, ньил-, ньир-, ньич- диэн саҕаланар олохторго сыстар: ньип-ньиллиргэс, ньип-ньирилэс, ньип-ньиччэҕэй. ☉ Препозитивная усилительная частица прилагательного, присоединяемая к основам, начинающимся на ньил-, ньир-, ньич-: ньип-ньиллиргэс ‘сильно хлюпающий’, ньип-ньирилэс ‘сильно гудящий’, ньипньиччэҕэй ‘совершенно мокрый’
Тыаһа диэн бэйэкээннээх биир кэм күп-күүгүнэс, бап-бааҕынас, ньип-ньиллиргэс үлүгэр. Күннүк Уурастыырап
От-мас барыта ньип-ньиччэҕэй. Н. Якутскай
Биһиги дьоммут уулара бэрт, утуйдахтарына муннуларын тыаһа бип-бирилэс, ньип-ньирилэс. В. Тарабукин

биллиргэс

биллиргэс (Якутский → Якутский)

даҕ. Бүтэҥи, ньиллиргэс (уу тыаһа эбэтэр туох эмэ сымнаҕаһы, инчэҕэйи охсор тыас). ☉ Глухой, хлюпающий, шлепающий (о шуме воды или звуке, издаваемом при ударе чего-л. мягкого)
Биллиргэс бу долгун. «Кыым»

ньиллиргэччи

ньиллиргэччи (Якутский → Якутский)

сыһ. Ньиллиргэс тыастаахтык. ☉ Издавая размеренный шлёпающий звук (глухой или гулкий)
Муора уордаах долгуннара кытылы ньиллиргэччи сырбаталаан, куугунуу-харылыы сытар. П. Аввакумов
Кытаанах дьэҥкир муустар бэйэ-бэйэлэрин кытта ньиллиргэччи үтүрүһэллэр. «Чолбон»
△ Олус түргэнник уонна күүскэ (хол., кэйиэлээ, тэбиэлээ — сүрэх туһунан). ☉ Быстро, сильно (напр., стучать, биться — о сердце)
Дьөгүөссэ сүрэҕэ уолугун төрдүгэр ньиллиргэччи тэптэ. М. Доҕордуурап
Кини хаһыытыттан чэчэгэйдэрэ ньиллиргэччи кэйдилэр. С. Курилов (тылб.)

ньиллиргэт

ньиллиргэт (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Ньиллиргэс тыаһы таһаар (хол., сүгэнэн эт эттииргэ). ☉ Производить размеренный глухой звук (напр., ударяя топором по сырому мясу в процессе рубки)
Ыстапаан ынаҕын сүлэн бүтэрэн, эттээн ньиллиргэтэ сырытта. А. Софронов
Тоҥ Биис хоһууна харса суох [батаһынан] эттээн ньиллиргэтэрэ. Далан
Долгун кытыл тааһын эттээн ньиллиргэтэр. Ф. Постников
Таһырдьа турааччылар аймана түстүлэр, маҕаһыын аанын тэбиэлээн ньиллиргэттилэр. В. Ойуурускай

ньиллиргээ

ньиллиргээ (Якутский → Якутский)

тыаһы үт. туохт. Инчэҕэйгэ, сииктээххэ биир тэтимнээхтик охсуллар ньиллиргэс тыаһы таһаар, оннук иһилин (хол., долгун туохха эмэ охсулларыгар, эт эттииргэ тахсар тыаһы этэргэ). ☉ Издавать мерный глухой шум, ударяясь, шлёпаясь о ровную твёрдую поверхность (напр., о волнах, бьющихся о берег). Эт эттээччи сүгэтин тыаһа ньиллиргиир
□ Тыа барчаламмат, от охтубат, долгун ньиллиргээбэт. И. Никифоров
Тэргэн тыаһа Дириҥник ньиллиргээн Дэриэбинэ уһугар Тиийэн кэллэ. С. Васильев
△ Олус түргэнник уонна күүскэ кэйиэлээ, тэбиэлээ (хол., тымыр, сүрэх). ☉ Очень быстро и сильно стучать (в висках), биться (напр., о сердце). [Куралай Кустук] сүүнэ киҥнээх хаана сүһүөҕэр ньиллиргээтэ, уордаах одун хаана уолугар охсуолаата. Д. Апросимов. Тэҥн. ньигиргээ